Мэҥэ Хаҥалас улууһугар «Социальнай гаастааһын» бырагыраама өйөбүлүнэн хото туһаналлар

Share

Мэҥэ Хаҥалас улууһугар дойду үрдүнэн үлэлиир «Социальнай гаастааһын» федеральнай бырагыраама чэрчитинэн ыытыллар үлэ көхтөөхтүк барар. 

Ол курдук, дьаһалта улуустааҕы  пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, 2022 сыллаахтан социальнай гааһынан 510 дьиэ хааччыллыбыт. Быйыл бырагыраама нөҥүө 159 сайаапка киирбит. Былааҥҥа 187 дьиэни гааһынан хааччыйар сорук турар. Бүгүҥҥү күҥҥэ бырагыраама чэрчитинэн 12 дьиэҕэ күөх төлөн холбоммут. Бырагыраамаҕа олоҕуран, учаастакка диэри гаас ситимэ босхо тардыллар. Дьиэҕэ диэри тардыы төлөбүрүн хаһаайыттар бэйэлэрэ уйуналлар. Саха сирин чэпчэтиинэн туһанар олохтоохторугар социальнай гаастааһын бырагыраама таһынан, дьиэҕэ диэри гаас ситимин тардыыга 150 000 солкуобайдаах көмө көрүллэр.

Бу өҥөнөн Аҕа дойду сэриитин бэтэрээннэрэ, огдооболоро, тыыл бэтэрээннэрэ, байыаннай дьайыы бэтэрээннэрэ, кинилэр дьиэ кэргэттэрэ, Ленинград блокадатын кыттыылаахтара, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр, тиийинэн олоруу алын кээмэйин 1,5 төгүл ылбыттан кыра дохуоттаах дьон, үлэлээбэт, соҕотох олорор биэнсийэлээхтэр  дохуоттара тиийинэн олоруу алын кээмэйин 2 төгүл ылбыттан кыра буоллаҕына, ону тэҥэ Арассыыйа байыаннай сулууспалаахтара, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ туһанар кыахтаахтар.

Ирдэнэр докумуоннар: паспорт, үлэ киниискэтэ, дьиэ кэргэн үс ыйдаах дохуотун көрдөрөр ыспыраапка, олорор дьиэни бас билии докумуона, олох-дьаһах усулуобуйатын көрүү аактата, гаас тардыллыытын бырайыактыыр-сметалыыр  докумуона, холбонуу тиэхиньиичэскэй усулуобуйата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр саамай улахан хочуолунайы үлэҕэ киллэрдилэр

Ахсынньы 4 күнүгэр Саха сиригэр саамай улахан хочуолунайы үлэҕэ киллэрдилэр. Хомунаалынай эбийиэк Дьокуускайга «Звезднай» уонна «Ильинка» түөлбэлэри хааччыйыаҕа.…

7 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

2025 сылга Дьааҥыга халаан уутуттан көмүскүүр тутууну саҕалыахтара

Ахсынньы 4 күнүгэр Дьокуускайга Ленскэй бассейновай уокурук Сэбиэтин мунньаҕа буолан ааста. Хас да эрэгийиэн бэрэстэбиитэллэрэ,…

7 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ил Түмэҥҥэ саха киинэтин сайдыытын туһунан кэпсэттилэр

Ахсынньы 4 күнүгэр Ил Түмэҥҥэ "Саха киинэтин сайдыыта" диэн "төгүрүк остуол" буолла. Манна саха киинэтин…

22 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Тыа хаһаайыстыбата

Ньурба оройуонугар Мэҥэдьэк боруода сылгытыгар бааза арыйдылар

Ньурба оройуонун Маалыкай уонна Хатыы сэлиэнньэлэригэр “Саха сүөһүтэ” генофонднай      хааһына тэрилтэтэ сылгы баазаларын…

24 минуты ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Николай Матчитов: «Үөрүүбүт уонна махталбыт муҥура суох»

Биллэрин курдук, Саха сирин сайдыытыгар улахан  үлэни ыыппыт “Мин Сахам сирэ 21-с үйэҕэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи үтүө…

37 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр судаарыстыбаннай уонна муниципальнай сулууспалаахтары хоруупсуйаны утары үөрэтэр үлэни күүһүрдэллэр

Ахсынньы 4 күнүгэр Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев судаарыстыбаннай уонна муниципальнай сулууспалаахтар идэлэрин баһылааһыҥҥа…

57 минут ago