Олохтоох бэйэни салайыныы күнэ бүгүн, муус устар 21 күнүгэр, бэлиэтэнэр.
Бу бэлиэ күнүнэн сибээстээн, улуус дьаһалтатын үлэтин тэрийэр уонна үлэһиттэрин салайар салаа исписэлиистэрэ кэлэктиипкэ анаммыт сынньалаҥ хоһу оҥорон бэлэх ууннулар.
Хараҕы сымнатар, киһини сынньатар от күөх өҥ, массаастыыр кириэһилэ, дьоҕус фонтан, сымнаҕас олбох – сылайбыт киһини уоскутарга анаммыт хос. Манна эбэн кэбис нарын муусука, үрүйэ чурулуур тыаһын, чыычаах ырыатын, дыргыйар сибиэһэй от сытын…
Дьаһалта үлэһиттэрэ түбүктээх үлэ кэмигэр бириэмэни сөпкө аттарынан сынньанан, уоскуйан ыларга бэрт хос тэриллибитин үөрэн этэн, бэлиэтээн туран, истиҥ махталларын тиэртилэр.
Бу туһунан улуустааҕы пресс-сулууспа дьаһалтаьа ТГ-ханаалыгар иһитиннэрдэ.
Хаартыскалар, видео: Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспатыттан
Уус Алдан улууһугар "Умсулҕан" кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрэ тэриллибитэ 30 сыл буолла. [gallery ids="180048,180049,180047"] Түмсүүнү оҕо…
Тохсунньу Таҥха ыйынан биллэр. Сыл ахсын сүллүкүүттэр хаһан тахсар этилэрий, ойбонтон хаһан уу ылар этибитий…
Түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн ахтан аастахха, былыр өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт малларын уонна үгэстэрин сөргүтүү үгэскэ кубулуйда.…
Уус Алдан улууһун Өспөх нэһилиэгин олохтоохторо,"Доброволецтар" волонтердар хамсааһыннарын (сал. Светлана Архипченко, Дьокуускай к.) филиала, байыастарга…
Саха сиригэр будулҕан туманнаах тоһуттар тымныылар үгэннээн турар кэмнэрэ. Бырааһынньыктар түмүктэнэн, тулалыыр айылҕабытын кэтээн, тохсунньу…
2025 сылга өрөспүүбүлбүкэҕэ икки аэропорду саҥардан оҥорууну түмүктүөхтэрэ уонна саҥаны тутуохтара. Ил Дархан Айсен Николаев…