Хаартыска: Дмитрий Тихонов ТГ-ханаалыттан.
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун оҕолорун тустууга сүүмэрдэммит хамаандата Гомель куоракка Белоруссия сүүмэрдиир хамаандатын кытта бииргэ эрчиллэ, уопут атастаһа, сбордана сылдьаллар.
Арассыыйаттан саха оҕолорун кытта Пермь, Татарстан, Калининград, Коми эдэр спортсменнара эрчиллэллэр.
«Икки күрэхтэһиигэ кыттан, уолаттарбыт куһаҕана суох көрдөрүүнү ситистилэр. Ньургун Скрябин, Силин Власов, Константин Колесов салалталарынан барыта 24 оҕо: Хара оскуолатыттан — түөрт, Аллараа Бэстээхтэн — сэттэ, Майа сэлиэнньэтиттэн- аҕыс, Доллуттан — үс, Хорообуттан уонна Нөөрүктээйиттэн биирдии бөҕөс сүүмэрдэнэн барбыттара. Өрөспүүбүлүкэ күнүн бэлиэтээн, оҕолорбут Белоруссия Лоев куоратыгар «Днепр иһин охсуһуу» түмэлгэ, Лоевскай оройуон Деражичи дэриэбинэтигэр бырааттыы көмүллүүгэ хараллан сытар сахалартан бастакы Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Кузьмич Попов уҥуоҕар сылдьан сүгүрүйдүлэр.
Дьоруой Федор Кузьмичка уонна Аҕа дойду сэриитин буойуннарыгар аналлаах мемориалы илэ харахтарынан көрдүлэр, тыыннаах сибэкки уурдулар. Оҕолорбут эт-хаан өттүнэн эрэ буолбакка, өй-санаа, историяны билии, атын омук биир саастыы оҕолору кытта алтыһан, доҕордоһон, инники олохторугар бигэ тирэхтээх, киэҥ билиилээх, төрөөбүт дойдуларыгар бэриниилээх, сайдыылаах дьон буолан тахсалларыгар маннык сырыы, биллэн турар, улахан суолталаах.
Тириэньэрдэрбитигэр оҕолор бары өттүнэн сайдыылаах буолалларыгар туһулаан ыытар эппиэттээх үлэлэригэр ситиһиилэри баҕарыаҕыҥ» диэн суруйар ТГ-ханаалыгар улуус баһылыга Дмитрий Тихонов.
— Малы-салы кирилиэс эҥин анныгар уурар көҥүллэнэр дуо? Стручковтар. “Объясняем.РФ” саайт маннык сүбэни биэрбит: — Дьон бэйэлэрин…
Самаан сайыммытыгар этэҥҥэ үктэннибит. Уоппуска, кэлии-барыы кэмэ, ол эрээри аспыт-үөлбүт сыаната хайдаҕый? Сыана сайыҥҥы туругун…
Сабантуй федеральнай бырааһынньык тиэмэтин салҕаан, бүгүн олус табыгастаах, ураты минньигэс амтаннаах, "розочка" быһыылаах татаардыы хобуорас…
Элбэх оҕолоох эдэр ыал Ноевтар иккиэн күн аайы туох эрэ саҥаны оҥоро, айа-тута сылдьар дьон.…
Туймаада ыһыаҕар сылын ахсын ыытыллар саамай сүрүн күрэхтэһиитэ буолара 13 хонук хаалла. 16 саха эр…
Бэс ыйа үгэс быһыытынан суол бырабыылатыгар саҥа уларыйыыларынан саҕаланар. Суоппардарга анаан ханнык саҥа быраабылалар олоххо…