Салгыы
Мэҥэ Хаҥалас улууһун нэһилиэктэригэр гаас утаҕын тардыы ыытыллар

Мэҥэ Хаҥалас улууһун нэһилиэктэригэр гаас утаҕын тардыы ыытыллар

06.09.2024, 19:30
Хаартыска: Мэҥэ-Хаҥалас улууһун пресс-сулууспата.
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар «Сахатранснефтегаз» АУо эппиэттээх үлэһиттэрэ гаас утаҕын тардыы ыытылла турар нэһилиэктэригэр үлэ хаамыытын билистилэр.

Ол курдук, «Сахатранснефтегаз» АУо кылаабынай инженерин солбуйааччы Пётр Данилов, улуус баһылыгын тутуу боппуруостарыгар солбуйааччы Василий Филиппов, «Сахатранснефтегаз» АУо улуустааҕы учаастагын начаалынньыга Анастасия Федорова Хараттан 1-кы Тыыллыма нэһилиэгэр 14 килэмиэтир 400 миэтэрэ уһуҥҥа үрдүк күүрүүлээх гаас ситимэ тардыллыытын бэлэмнээн, хоруу хаһыыта уонна гаас турбатын түһэрии үлэтэ бара турар сиригэр сырыттылар. Бэдэрээтчит тэрилтэнэн «Ленагаз» ХЭТ үлэлиир. Былаан быһыытынан нэһилиэккэ диэри гаас утаҕын тардыы бу күһүн түмүктэниэхтээх.

Алтан нэһилиэгэр «СайдыыСтрой» ХЭТ бэдэрээтчит тэрилтэ нэһилиэк иһигэр 12 килэмиэтир 600 миэтэрэ уһуннаах гаас турбата сир анныгар угуллуутун түмүктээн отпрессовка уонна холбооһуҥҥа бэлэмнээһин үлэлэрин ыыта сылдьар.
Гааһы дьиэлэргэ холбооһун балаҕан ыйын ортотугар былааннанар. Быйыл 111 дьиэҕэ күөх төлөн киириэхтээх.

Бу туһунан Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын телеграм-ханаалыгар пресс-сулууспа иһитиннэрэр.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -29°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 76% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: