Мэҥэ Хаҥалас улууһун нэһилиэктэрин баһылыктарын бириистэригэр — мас тардыһыыга «Мэҥэ кубога»
Бэҕэһээ, муус устар 13 күнүгэр, Аллараа Бэстээх «Парус» успуорт уораҕайыгар Мэҥэ Хаҥалас улууһун нэһилиэктэрин баһылыктарын бириистэригэр мас тардыһыыга «Мэҥэ кубога» өрөспүүбүлүкэтээҕи турнир саҕаланна.
Мас тардыһыы күрэхтэһиитигэр Үөһээ Бүлүү, Горнай, Нам, Хаҥалас, Чурапчы, Томпо, Таатта, Амма, Уус Алдан, Мэҥэ Хаҥалас улуустарыттан, Ленскэй, Дьокуускай куораттартан элбэх хамаанда кэллэ.
Спортсменнары улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Василий Михайлов, улуустааҕы успуорт уонна физическэй култуура салаатын салайааччы Алексей Попов, улуустааҕы мас тардыһыы Федерациятын бэрэссэдээтэлэ Иннокентий Яковлев, Мэҥэ нэһилиэгин баһылыга Александр Куприянов эҕэрдэ тылы эттилэр.
Күрэх сүрүн судьуйата — мас тардыһыытыгар СӨ хас да төгүллээх чөмпүйүөнэ, СӨ успуордун маастара, үлэ, байыаннай дьайыы бэтэрээнэ Владимир Шарин. Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, турнирга 16 хамаанда, 144 спортсмен кыттыыны ылаллар.
Ол курдук, 83 эр дьон, 42 дьахтар, 18 успуорт бэтэрээнэ ыйааһыннарынан арахсан, икки күн устата тыҥааһыннаахтык киирсиэхтэрэ, күүстэрин, тулуурдарын тургутан, бэйэлэрин ааттарын уонна улуустарын дорҕоонноохтук ааттатыахтара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: