Мэҥэ Хаҥалас улууһун нэһилиэктэрин баһылыктарын бириистэригэр — мас тардыһыыга «Мэҥэ кубога»

Share

Бэҕэһээ, муус устар 13 күнүгэр, Аллараа Бэстээх «Парус» успуорт уораҕайыгар Мэҥэ Хаҥалас улууһун нэһилиэктэрин баһылыктарын бириистэригэр мас тардыһыыга «Мэҥэ кубога»  өрөспүүбүлүкэтээҕи турнир саҕаланна.

Мас тардыһыы күрэхтэһиитигэр Үөһээ Бүлүү, Горнай, Нам, Хаҥалас, Чурапчы, Томпо, Таатта, Амма, Уус Алдан, Мэҥэ Хаҥалас улуустарыттан, Ленскэй, Дьокуускай куораттартан элбэх хамаанда кэллэ.

Спортсменнары улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Василий Михайлов, улуустааҕы успуорт уонна физическэй култуура салаатын салайааччы Алексей Попов, улуустааҕы мас тардыһыы Федерациятын бэрэссэдээтэлэ Иннокентий Яковлев, Мэҥэ нэһилиэгин баһылыга Александр Куприянов эҕэрдэ тылы эттилэр.

Күрэх сүрүн судьуйата —  мас тардыһыытыгар СӨ хас да төгүллээх чөмпүйүөнэ, СӨ успуордун маастара, үлэ, байыаннай дьайыы бэтэрээнэ Владимир Шарин. Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, турнирга 16 хамаанда, 144 спортсмен кыттыыны ылаллар.

Ол курдук, 83 эр дьон, 42 дьахтар, 18 успуорт бэтэрээнэ ыйааһыннарынан арахсан, икки күн устата тыҥааһыннаахтык киирсиэхтэрэ,  күүстэрин, тулуурдарын тургутан, бэйэлэрин ааттарын уонна улуустарын дорҕоонноохтук ааттатыахтара.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Ленскэйгэ киһи өлүүлээх дьиэ баһаара буолла

Ленскэй куоракка чааһынай дьиэ умайан, 59 саастаах эр киһи тыына быһынна. Бу туһунан СӨ ЫБММ…

15 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

«Дьиэҕэ төннүү» тэрээһин — байыаннай дьайыыттан төннөөччүлэргэ көмөнү оҥоруу олуга

Бүгүн Дьокуускай куоракка анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта былаас уорганнара…

45 минут ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар
  • Ыйыт - хоруйдуубут

Дьокуускайга вандаллар биир күн иһигэр үс тохтобулу алдьаттылар

Дьокуускайга Гагаринскай уокурукка вандаллар биир күн иһигэр, сэтинньи 20 күнүгэр үс сылаас тохтобулу алдьаппыттар --…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Омук бородууксуйатын бэйэ киэнигэр уларытыыттан – олох хаачыстыбатын үрдэтиигэ

АЛРОСА хампаанньа оҥорон таһаарыы көдьүүстээх буоларын уонна үлэлиир усулуобуйа тупсарын туһугар сыыппараҕа көһөрүүгэ (цифровизация) уонна…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Саха сирэ» хаһыат бүгүн тугу суруйда?

Быйыл, сэтинньи бүтүүтэ, биһиги Саха сирин суруйааччыларын айар сойуустарын 90 сылын бэлиэтиэхпит. Бу 90 сылтан…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сирин оскуолаларын төрөппүттэрин кэмитиэтин түөрт бырайыага бириэмийэҕэ тигистэ

Е.М.Примаков аатынан гимназияҕа Бүтүн Арассыыйатааҕы төрөппүт кэмитиэтин иккис мунньаҕа буолан ааспыт. Тэрээһин кэмигэр төрөппүттэр холбоһуктарын…

2 часа ago