Мэҥэ Хаҥалас улууһун ньирэйэ — «Симэммит Мааныкай» кыайыылааҕа
Чурапчы улууһун А.С. Бродников аатынан Төлөйдөөҕү «Аартык» норуот айымньытын дьиэтин үлэһиттэрэ «Симэммит Мааныкай» диэн ынах сүөһү хаартысканан куонкуруһун ыыппыттарын туһунан суруйан турабыт.
Биллэн турар, ким ынаҕа кыайыылаах тахсыбытын билиэн баҕалаах үгүһэ чахчы.
Норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Максим Смирников иһитиннэрбитинэн, 25 кыттааччыттан «Симэммит Мааныкай» кыайыылааҕынан Мэҥэ Хаҥалас улууһун Чыамайыкытын олохтооҕо Степанида Иванова түһэрэн ыыппыт «Сир симэҕэ Мичийэ» хаартыската 1-кы бочуоттаах миэстэҕэ тиксэн, «Муҥутуур кыайыылааҕынан» буолла.
5 ыйдаах саха боруодата уонна герефорд боруода булкаас ньирэй «бааһынай» диэх курдук, төрөлкөйө, кырасаабыссата, дьэ, кырдьык, кини эрэ. Арааһа, аата Мичийэ диэн буолан сир симэҕинэн ааттаммыт быһыылаах. Киһи эрэ «Симэммит Мааныкай» диэх курдук! Онон Чыамайыкы Мичийэтэ бастыан бастаан, хаһаайкатыгар 40 л үүт туттарар бөтүөнү бэлэхтээтэ.
Оттон Таатта Ытык Күөлүн олохтооҕо Василий Захаров Сардаана ынаҕын хаартыската сэтинньи 18 күнүнээҕи 00:00 чаас түмүгүнэн 1210 биһирэбили (лайк) ылла. Бу көрөөччү бастыҥ биһирэбилэ.
Норуокка биһирэммит куонкурус үһүс төгүлүн ыытыллар. Хаартысканан куонкурус сэтинньи 4 күнүттэн сэтинньи 18 күнүгэр диэри ыытылынна.
Ыраахтан чугастан үгүс киһи «Мааныкайын» хаартыскатын ыытан, куйаар ситиминэн куонкуруска бэрт көхтөөхтүк кытыннылар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: