Мэҥэ Хаҥалас улууһун Сыымах сэлиэнньэтигэр 160-тан тахса дьиэҕэ гаас киириэҕэ

Share

«Сахатранснефтегаз» хампаанньа Мэҥэ Хаҥалас улууһун Сыымах нэһилиэгэр гаас киириитин  боппуруоһун көрдө.

160-тан тахса олорор дьиэҕэ, алта социальнай эбийиэккэ уонна икки хочуолунайга гаас холбонуон сөп.

Ааспыт нэдиэлэҕэ «Сахатранснефтегаз» хампаанньа гааһы тарҕатар ситимнэрин управлениетын уонна бырайыактыыр үлэ салаатын үлэһиттэрэ Сыымахха тиийэннэр, нэһилиэктэр икки ардыларынааҕы уонна нэһилиэк иһинээҕи гаас ситимнэрин саҥардыыга олохтоохторго хаттаан ыйытык ыыттылар.

“Командировка түмүгүнэн, 160-тан тахса олорор дьиэҕэ, алта социальнай эбийиэккэ уонна икки хочуолунайга гааһы киллэрэр ​​кыах баара быһаарылынна. Ол сыалтан Бэдьимэттэн Сыымахха диэри 24 км уһуннаах нэһилиэктэр икки ардыларынааҕы гаас ситимэ тутуллуоҕа, ону таһынан уопсайа 13 км уһуннаах нэһилиэк иһинээҕи гаас ситимэ тардыллыаҕа», — диэн  “Сахатранснефтегаз” генеральнай дириэктэрэ Алексей Колодезников бэйэтин телеграм-ханаалыгар суруйда.

Быйыл Кыайыы 80 сыллаах үбүлүөйдээх сылыгар сахаттан бастакы Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Фёдор Попов дойдутугар гаас ситимэ киириэҕэ.

2024 сыллаахха Мэҥэ Хаҥалас улууһа социальнай гаастааһыҥҥа бастыҥнар кэккэлэригэр киирбитэ. 187 дьиэ оннугар 246 дьиэ гааһынан хааччыллыбыта.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

“Турдарбын Владивостокка, Иркутскайга тиийиэм…”

Аллараа Бэстээххэ тимир суол кэлиэҕиттэн, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо арыый да удамыр сыанаҕа пуойаһынан Владивостокка, Нерюнгрига, Благовещенскайга,…

14 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Чокуурдаах социальнай үлэһитэ Галина Филина

Бүгүн – Социальнай үлэһит күнэ. Чокуурдаахха күннэтэ бөһүөлэк устун төттөрү-таары биир уһун уҥуохтаах, нууччалыы хааннаах…

44 минуты ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Суол саахалларыгар үс киһи суорума суолланна

Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр 10 буруйу оҥоруу буолбутун туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. Ленскэй оройуонугар дьиэттэн…

1 час ago
  • Сонуннар

Сыыппаралаах эйгэ, оҥоһуу өй сорох өрүттэриттэн сэрэниэххэ

Сыыппаралаах эйгэҕэ албыннатыы, түөкүннээһин, тус чахчылары уордарыы, куһаҕан дьон хара санаатыгар киирэн биэрии уо. д. а. тахса…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Улахан Ааҥҥа сүппүт эр киһи көһүннэ

Бүгүн, бэс ыйын 8 күнүгэр, 8 чаас саҕана Хаҥалас Улахан Аанын олохтооҕо эр киһи дьиэтигэр…

3 часа ago
  • Сонуннар

Бүгүн сорох улуустарга быстах ардыыра, этиҥнээх ардах түһэрэ күүтүллэр

Бүгүн, бэс ыйын 8 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар быстах ардыыра, этиҥнээх ардах түһэрэ күүтүллэр…

3 часа ago