Мэҥэ Хаҥалас улууһун Тиэлигитигэр тахсыбыт ойуур баһаара бохсулунна
Бэҕэһээ Мэҥэ Хаҥалас улууһун 1-кы Наахара нэһилиэгин сиригэр, нэһилиэнньэлээх пуунтан 27 км сиргэ 12:40 ч. сөмөлүөтүнэн кэтээн көрүү түмүгэр ойуур баһаара турбута бэлиэтэммитэ.
11 «Авиалесохрана» тэрилтэ үлэһитэ, ону тэҥэ 4 олохтоох дьон күүс-көмө буолан, киэһэ 21:30 ч. уот бохсулунна диэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Ойуур баһаара чаҕылхан маһы охсубутуттан тахсыбыта быһаарылынна, уопсайа 2,5 га сири уот сиэтэ. Уот салгыы барбатын курдук булууктаах тыраахтарынан төгүрүччү эргийдилэр.
Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтата улуус олохтоохторугар, IV үрдүк кылаастаах баһаар үөскүүр куттала баарынан уонна өрөспүүбүлүкэҕэ ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ биллэриллибитинэн аһаҕас уоту туттартан, бөҕү-сыыһы уматартан туттанарга ыҥырар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: