Салгыы
Мэҥэ Хаҥаласка 17 киһи социальнай хантараагы ылла

Мэҥэ Хаҥаласка 17 киһи социальнай хантараагы ылла

29.05.2024, 13:15
Хаарьымка Мэҥэ хаҥалас улууһун пресс-сулууспатыттан
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын социальнай хантараак хамыыһыйата мунньахтаата диэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Хамыыһыйа 2-с Наахара, Дьаҥхаады, Нөөрүктээйи, Хаптаҕай, 1-кы Тыыллыма, Доллу, Төҥүлү, Хара нэһилиэктэриттэн, Аллараа Бэстээх бөһүөлэгиттэн, Майа сэлиэнньэтиттэн уопсайа 30 сайаапканы көрдө.

Улуус баһылыгын социальнай уонна имиджевэй бэлиитикэҕэ солбуйааччы Альбина Григорьева бэрэссэдээтэллээх хамыыһыйа быһаарыытынан 12 уустук балаһыанньаҕа түбэспит дьоҥҥо, бэйэ дьыалатын тэриниигэ 4, кэтэх хаһаайыстыбаны сайыннарыыга 2 көмө оҥоһулунна.

Бэйэ дьыалатын тэриниигэ аппараатынан массаастыыр кэбиниэти аһыы, мас оҥоһуктар мастарыскыайдарын оҥостуу, оҕо аттракционун тэрийии бырайыактара биһирэнэн, олоххо киирэр кыахтаахтарын көрөн, ордук табыгастаахтарынан быһаарыллан социальнай хантараак көмөтүн ыллылар.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -25°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: