Саха сиригэр оттооһун хампаанньата саҕаланан, эппиэттээх күннэр үүннүлэр.
Биллэрин курдук, ааспыт нэдиэлэҕэ өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев Таатта улууһугар оробуочай сырыытын кэмигэр киин уонна Илин эҥэр улуустар муниципальнай тэриллиилэрин салайааччыларын, бэрэстэбиитэллэрин кытта көрсөн, сүөһү аһылыгын бэлэмнээһиҥҥэ сүбэ мунньаҕы ыытан, чопчу соруктары туруорбута.
Быйыл өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 435 тыһ туонна от кэбиһиллиэхтээх. Ону тэҥэ өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 175 мөл солк уонна олохтоох бүддьүөттэн 204 мөл солк. үп көрүллэн 14 тыһ туонна сенаһы, 29 тыһ. т сиилэһи бэлэмниэхтээхтэр.
Билигин улуустарга Ил Дархан Айсен Николаев туруорбут соруктарын толорууга үлэ барар.
Холобура, Мэҥэ Хаҥалас улууһугар от ыйын 18 күнүнээҕи туругунан, 373 тиэхиньикэ, 570 киһи окко таҕыстылар. Ходуһаҕа 1674 гектар охсулллубут, 387 т от кэбиһиллибит.
— Нэһилиэктэрбит бары кэриэтэ окко киирдилэр. Улууспут быйыл сайын 41927 т оту бэлэмниир соруктаах. Ону баар усулуобуйаҕа олоҕуран, барыллааһын быһыытынан 29263 т оттуохпут диэн ааҕынан олоробут (71 быр.). 18 мобильнай биригээдэни тэрийдибит. Бу биригээдэлэр Аммаҕа, Дьокуускай арыыларыгар, Хаҥаласка оттуохтаахтар. Билигин арыыларга оттооһуҥҥа дуогабардары түһэрсэбит. Мобильнайдар 2606 т былааны ылыннылар. Билиҥҥи туругунан бу биригээдэлэргэ 65 тиэхиньикэ окко таҕыста. Тэрээһиннээх хаһаайыстыбаларбытыгар тохтоотоххо, “Хорообут” ХЭТ механизациялаах звенота бэҕэһээҥҥи туругунан 144 гектар сири оҕуста , 20 т оту кэбистэ. “Тумул” ТХПК мобильнай биригээдэ тэриннэ. Хоту нэһилиэктэргэ — Тумулга, Маттаҕа 981 гектар сиргэ аһыҥканы эмтээбиттэрэ (бэс ыйыгар). Онон күн-дьыл этэҥҥэ туран биэрдэр диэн баҕалаахпыт, — диэн билиһиннэрдэ оттооһун хаамыытын туһунан Мэҥэ Хаҥалас улууһун тыа хаһаайыстыбатын управлениетын сүрүн агронома Василий Бурнашев.
Ити курдук, Мэҥэ Хаҥалас отчуттара окко туруннулар.
Хаартыска В.Бурнашев тиксэриитэ
Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…
Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл. …
— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…
Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…
Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…
Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…