Мэҥэ Хаҥаласка 4,7 мөлүйүөнтэн тахса солкуобай суумалаах көмүһү сокуоннайа суох эргинии холуобунай дьыалата суукка ыытылынна
Мэҥэ Хаҥалас улууһун борокуратуурата Башкортостан Өрөспүүбүлүкэтин икки олохтооҕор холуобунай дьыаланан буруйдааһыны бигэргэттэ. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Кинилэр РФ Холуобунай кодексатын 191 ыстатыйатын 5-с чааһынан буруйданаллар. Силиэстийэлиир үлэ түмүгэ көрдөрөрүнэн, буруйдаахтар быйыл сайын Магадан уобалаһын Ягоднинскай оройуонугар бэйэлэрин массыыналарынан тиийэн, металлоискатель көмөтүнэн сокуоннайа суох 4,7 мөлүйүөнтэн тахса солкуобай суумалаах көмүһү хостообуттар. Ол эрээри дойдуларыгар төннөн иһэннэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун Аллараа Бэстээҕэр тутуллубуттар. Быраап үлэһиттэрэ УАЗ «Патриот» массыына салонун уонна багажнигын бэрэбиэркэлээһин кэмигэр, күндү металлы – кыһыл көмүһү кистээбиттэрин булбуттар.
Буруйдааһын бигэргэтиллибитин кэннэ, холуобунай дьыаланы улуус борокуратуурата суукка ыытта. Кыһыл көмүһү былдьаатылар. Бу буруйу оҥорбуттарын иһин, эр дьон сэттэ сылга диэри хаайыыга барыахтарын сөп. Буруйу оҥорууну Мэҥэ Хаҥаластааҕы ГИБДД үлэһиттэрэ уонна Арассыыйа ИДьМ Саха сринээҕи салаатын салалтата силиэдэбэтэллэрэ арыйдылар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: