Салгыы
Мэҥэ Хаҥаласка айар талааннаахтара баһылыгы кытта көрүстүлэр

Мэҥэ Хаҥаласка айар талааннаахтара баһылыгы кытта көрүстүлэр

22.01.2025, 14:30
Хаартыска: Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтата
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ, тохсунньу 21 күнүгэр, Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Дмитрий Тихонов өбүгэлэр төрүт дьарыктарын, баай ис хоһоонноох култуураларын үрдүктүк тутан илдьэ сылдьар бастыҥ үлэһит дьонун кытта көрүстэ.

Үтүө үгэскэ кубулуйбут истиҥ кэпсэтиигэ сыллааҕы үлэлэрин, инники былааннарын үллэһиннилэр, үгүс кэскиллээх этиилэрин киллэрдилэр, ону тэҥэ хардарыта санаа атастастылар диэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтата иһитиннэрэр.

Үйэлэри уҥуордаан илдьэ кэлбит үтүө үгэстэрбитин, баай култуурабытын үйэтитэн үтүө дьоммут айан хаалларар үлэлэрин кэнчээри ыччакка тиэрдии биһиги сүрүн сорукпут буолар диэн улуус баһылыга санаатын үллэһиннэ. «Салгыы даҕаны бу хайысханан үлэбитин ыытыахпыт, талба талааннаах дьоммутун өйүөхпүт. Тарбахтарыгар талааннаах, айылҕаттан айдарыылаах күндү дьоммор айар-тутар үлэҕитигэр үрдүк ситиһиини, чэгиэн-чэбдик туругу, дьолу-соргуну баҕарабын!», — диэтэ Дмитрий Тихонов.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 января
  • -27°C
  • Ощущается: -27°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: