Бэҕэһээ, тохсунньу 21 күнүгэр, Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Дмитрий Тихонов өбүгэлэр төрүт дьарыктарын, баай ис хоһоонноох култуураларын үрдүктүк тутан илдьэ сылдьар бастыҥ үлэһит дьонун кытта көрүстэ.
Үтүө үгэскэ кубулуйбут истиҥ кэпсэтиигэ сыллааҕы үлэлэрин, инники былааннарын үллэһиннилэр, үгүс кэскиллээх этиилэрин киллэрдилэр, ону тэҥэ хардарыта санаа атастастылар диэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтата иһитиннэрэр.
Үйэлэри уҥуордаан илдьэ кэлбит үтүө үгэстэрбитин, баай култуурабытын үйэтитэн үтүө дьоммут айан хаалларар үлэлэрин кэнчээри ыччакка тиэрдии биһиги сүрүн сорукпут буолар диэн улуус баһылыга санаатын үллэһиннэ. «Салгыы даҕаны бу хайысханан үлэбитин ыытыахпыт, талба талааннаах дьоммутун өйүөхпүт. Тарбахтарыгар талааннаах, айылҕаттан айдарыылаах күндү дьоммор айар-тутар үлэҕитигэр үрдүк ситиһиини, чэгиэн-чэбдик туругу, дьолу-соргуну баҕарабын!», — диэтэ Дмитрий Тихонов.
Арассыыйа бүддьүөтэ гражданнарга биэнсийэни эбии индексациялыырга бэлэм. Бу туһунан Судаарыстыбаннай Дуума социальнай бэлиитикэҕэ кэмитиэтин чилиэнэ…
Саха сиригэр ааспыт суукка иһигэр полицияҕа түөкүннээһин туһунан икки киһи тыллаабыт. Бу туһунан Саха сиринээҕи…
Ил Түмэн спикерэ Алексей Еремеев парламеҥҥа 11-с (уочараттаах) пленарнай мунньахха ыҥырар дьаһалга илии баттаата. Пленарнай…
СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ бэлиитикэтин министиэристибэтэ ыыппыт агрономнар сүбэ мунньахтарыгар “Россельхозцентр” ФГБТ Саха сиринээҕи…
Бүгүн, тохсунньу 22 күнүгэр, күнүс 12 чааска Ленскэй оройуонун сэлиэнньэлэринэн пассажирдары таһар оптуобус суолтан туораата.…
Бүгүн Элбэх туһалаах сүбэ-ама баара, байыаннайдар төрөппүттэрин ыйытыыларыгар барытыгар хоруйдаатылар. Тустууктар ийэлэригэр, аймахтарыгар санааларын түһэрбэккэ,…