Салгыы
Мэҥэ Хаҥаласка бэлисипиэттээх киһини массыына түҥнэри көттө

Мэҥэ Хаҥаласка бэлисипиэттээх киһини массыына түҥнэри көттө

Ааптар:
10.10.2024, 09:42
Хаартыска: PxHere
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа 13 буруйу оҥоруу буолбут диэн СӨ дьуһуурунай борокуруора иһитиннэрэр.

Дьокуускай уонна Удачнай олохтоохторо түөкүттэргэ 4 мөл.солк. албыннаппыттар. Удачнай олохтооҕо инвестицияҕа ыытабын дии санаан, 2,3 мөл.солк. тахса харчытын суйдаппыт.

Кэбээйи оройуонугар массыына уорбуттара биллибит. Оттон Дьокуускайга уонна Нерюнгрига наркотигынан эргиммит дьону туппуттар.

Мэҥэ Хаҥаласка «Амма» суол 850-с килэмиэтиригэр суоппар сатаан салайбакка, бэлисипиэтинэн айаннаан испит 24 саастаах эр киһини түҥнэри көппүт. Бу киһини госпитализациялаабыттар.

Суукка иһигэр итирик туруктаах 13 суоппары туппуттар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: