Мэҥэ Хаҥаласка өрөспүүбүлүкэтээҕи аҕа уолунаан күрэх кыттааччылара түмүстүлэр

Мэҥэ Хаҥаласка өрөспүүбүлүкэтээҕи аҕа уолунаан күрэх кыттааччылара түмүстүлэр

05.04.2024, 18:14
Хаартыска Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспатыттан
Бөлөххө киир:

Бүгүн, муус устар 5 күнүгэр, «Майа – дойдум барахсан» искибиэргэ «Аҕа күрэҕэ-2024» өрөспүүбүлүкэтээҕи аҕа уолунаан күрэҕин кыттааччылара Мэҥэ Хаҥалас улууһугар тиийдилэр. Кинилэри Мэҥэ Хаҥалас улууһун ыалдьытымсах олохтоохторо саха үтүө үгэһинэн – арыылаах алаадьынан айах тутан, уруйдуу-айхаллыы көрүстүлэр.

Быйылгы Аҕа уолунаан күрэҕэ муус устар 6-7 күннэригэр Майа сэлиэнньэтин Ураһаалаах алааһыгар ыытыллыаҕа диэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Күрэхтэһэ кэлбит дьону улуус дьонун-сэргэтин, тэрийээччилэрин ааттыттан улуус баһылыгын социальнай уонна имиджевэй бэлиитикэҕэ солбуйааччы Альбина Григорьева эҕэрдэлээтэ. Ону тэҥэ Үлэ министиэристибэтин аатыттан Ресурснай киин отделын начаалынньыга Варвара Кулаковская тыл эттэ.

Күрэххэ уопсайа өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан барыта 19 хамаанда кыттарга сайаапка түһэрбит. Ол курдук, Амма, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Горнай, Кэбээйи, Ленскэй, Нам, Ньурба, Өлүөхүмэ, Орто Халыма, Сунтаар, Таатта, Уус Алдан, Хаҥалас, Чурапчы улуустарын хамаандалара, Дьокуускай куораттан уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан иккилии хамаанда кыттыаҕа.

Аҕалар уол оҕолорунаан икки күн устата, муус устар 6 уонна 7 күннэригэр, Ураһалаах алааска бэйэлэрин сатабылларын, быһыйдарын, сымсаларын тургутан бастыыр иһин күөн көрсүөхтэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -25°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: