Мэҥэ Хаҥаласка федеральнай трассаҕа үс массыына харсыста
Мэҥэ Хаҥалас улууһугар «Халыма» федеральнай айан суолугар суол быһылаана таҕыста.
Сэтинньи 9 күнүгэр 12:50 чааска айан суолга үс массыына харсыспыт. Саахал «Уют» кафе таһыгар буолбут.
Госавтоинспекция пресс-сулууспата быһаарыытынан, трасса 78 км 44 саастаах суоппар Toyota Sprinter массыынанан айаннаабыт. Эр киһи тырааныспар ыытар бырааба суох сылдьыбыта билиннэ. Сапыраапка территориятыттан тахсан иһэн Чурапчыттан иһэр 40 саастаах суоппарга Toyota Voxy массыынаҕа суолу туораан биэрбэтэх. Иномарка массыына харсыһыы кэнниттэн утары суолга тахсыбыт уонна «КО- 505АГ» массыынаны кытта харсыспыт.
Суол саахалыгар Toyota Voxy уонна Toyota Sprinter массыыналар икки пассажирдара киин балыыһаҕа киирбиттэр. Ылбыт эчэйиилэринэн стационарнай эмтээһин анаммата. Оттон Toyota Sprinter массыына суоппара арыгы испитэ биллибит диэн Саха сиринээҕи Госавтоинспекция пресс-сулууспата суруйар. Суоппардар итирик туруктаах сылдьан административнай эппиэтинэска тардыллаллар. Оттон сокуону кэһээччи 10-15 сууккаҕа көҥүлэ быһыллыан сөп эбэтэр 30 тыһыынча солкуобайга ыстараап күүтэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: