Мэҥэ Хаҥаласка Х өрөспүүбүлүкэтээҕи үп уорганнарын үлэһиттэрин сэминээрэ саҕаланна

Share

Бэҕэһээ, от ыйын 25 күнүгэр, Аллараа Бэстээххэ Р.И. Брызгалов аатынан Тырааныспар техникумугар Х өрөспүүбүлүкэтээҕи үп уорганнарын уонна кииннэммит бухгалтерия үлэһиттэрин сэминээрэ саҕаланна.

Тэрээһин үөрүүлээх аһыллыытыгар улуус дьокутааттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Иннокентий Андросов тыл эттэ, улуус баһылыгын эҕэрдэ, махтал суруктарын, наҕараадаларын туттарда диэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Үп миниистирин эбээһинэһин толорооччу Иван Алексеев билигин дойду үрдүнэн үп систиэмэтэ туруктаах буолуутугар улахан болҕомто уурулларын бэлиэтээтэ, өрөспүүбүлүкэ ааспыт сыллааҕы бүддьүөтүн дохуоттаах чааһа 2022 сыллаахтан 25 миллиардынан үрдээбитин, онтон ороскуоттаах чааһыттан 48% социальнай эйгэни сайыннарыыга барарын эттэ. Ону тэҥэ, быйыл эдэр исписэлиистэргэ ананар бастакы Арассыыйатааҕы пуоруму тэрийэн ыытыы былааннаммытын билиһиннэрдэ.

Сэминээр үс күн устата ыытыллыаҕа, бу күн барыта 28 улуустан, Дьокуускай куораттан 100-чэкэ үп-харчы, экэниэмикэ эйгэтигэр үлэлиир исписэлиистэр кыттыыны ыла кэллилэр. Бүгүҥҥү күнү үп миниистирин солбуйааччы Николай Старостин муниципальнай тэриллиилэргэ бүддьүөт хааччыллыытын тэҥнииргэ дотацияны үллэрии методикатыгар уларыйыыны киллэрэргэ биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы бөлөх үлэтин түмүгүн билиһиндэ.

Дохуот департаменын салайааччытын солбуйааччы Наталья Сорова сокуоҥҥа киирэр уларыйыылары, кэлэр икки сылга дохуот билгэлээһинин сөбүлэһиннэриигэ киириини кэпсээтэ. Салгыы күн устата араас тиэмэлэринэн дьүүллэһии, аһаҕас кэпсэтии, уопут атастаһыыта ыытыллар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Өрөйүҥ-чөрөйүҥ, олоҥхо истэр кэм кэллэ

“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…

25 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Абхазияҕа туох буолла?

Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…

1 час ago
  • Итэҕэл
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: сэтинньи 23 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…

2 часа ago
  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

15 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

16 часов ago