Бүгүн Саха сирин бастакы вице премьерэ Дмитрий Садовников Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар «Дьиэ-уот уонна куорат эйгэтэ» национальнай бырайыак чэрчитинэн тутуллар эбийиэктэри көрдө.
2019-2025 сылларга дьону саахалланар дьиэттэн көһөрүү бырагырааматынан Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар 3639 киһи олорор 66000 квадратнай миэтэрэ иэннээх 272 дьиэ көтүрүллүөхтээх.
Дмитрий Садовников бырагыраама Майаҕа уонна Чүүйэҕэ хайдах үлэлиирин билистэ. Майа сэлиэнньэтигэр 70 кыбартыыралаах дьиэ тутуута түмүктэммит, бэлэм буолуута 95% тэҥнэһэр.
«Майа сэлиэнньэтигэр киллэриллэр дьиэни көрдүм. Бу ый бүтүүтэ күлүүстэри олохтоохторго туттарыахтара. Билигин докумуонун үлэтэ ыытыллар. Бэдэрээтчит уонна дьаһалта ону кыайыахтара диэн эрэнэбин«,— диэтэ Дмитрий Садовников.
Чүүйэҕэ 13 кыбартыыралаах дьиэни тута сылдьаллар. Ол эрээри эбийиэги туттарыы грунт кыһалҕатыттан тардыллыбыт.
«Чүүйэҕэ дьиэ кыра, ол эрээри күн-дьыл туругуттан уонна кумах буоруттан сылтаан арыычча тардыллыбыт. Ону бэдэрээтчит эбийиэги бүтэрэргэ дьулуһар. Бэдэрээтчит уустук балаһыанньаҕа киирбит диэн билэбит. Бүгүн биһиги син-биир ирдиибит, судаарыстыба иннигэр эбэһээтэлистибэтин толорон, дьиэни кылгас болдьоххо бүтэриэ«,— диэн бэлиэтээтэ бастакы вице-премьер.
Санатан эттэххэ, Саха сиригэр 2019 сылтан 757 тыһ. кв.м. саахалланар туруктаах дьиэлэри көһөрбүттэр. Онон 41 тыһ. киһи олорор усулуобуйатын тупсарбыт. Уопсайа өрөспүүбүлүкэтээҕи аадырыстаах бырагырааманан 2019-2025 сылларга 60 тыһ.киһи көһүөхтээх.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Хаартыскалар: sakha.gov.ru ылылыннылар
Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…
Бу үөрэнээччилэр урбаан олимпиадатыгар кыттан, 150 оҕоттон уустук сүүмэрдээһини аастылар. Олимпиадаҕа Абый, Амма, Анаабыр, Булуҥ,…
Култуура киинэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Аллараа Бэстээххэ тутулла турар. Үлэ хаамыытын Саха сирин бастакы вице-премьерэ…
СӨ үбүн министиэристибэтэ "Арассыыйа - мин историям" түмэлин пуондатыгар байыаннай дьайыы эспэнээттэрин туттарда. Манна байыаннай…
Киһиэхэ иэримэ дьиэтэ, сылаас уйата саамай хаххата, олоҕун биир сүрүн сорҕото буолар. Хас биирдии дьиэ…
Аллайыаха улууһун Быйаҥныыр нэһилиэгин сиригэр-уотугар быйыл бөрөлөр биллэн эрэллэр. Бу адьырҕалар кэтэх хаһаайыстыбалар сылгыларын үрүө-тараа…