Мэҥэ Хаҥаласка киин балыыһаҕа үлэлии кэлбит быраастар олорор дьиэнэн хааччылыннылар

Share

Мэҥэ Хаҥалас улууһугар   киин балыыһаҕа үлэлии кэлбит эдэр быраастарга дьиэ күлүүһүн туттардылар диэн баһылык Дмитрий Тихонов иһитиннэрдэ.

Кэлиҥҥи сылларга доруобуйа харыстабылын үлэһиттэрэ ордук тыа сиригэр тиийбэттэрэ бэлиэтэнэр.
Бу боппуруоһу быһаарар соруктаах дойду үрдүнэн араас дьаһаллар ылыллаллар, олортон биирдэрэ биһиги Ил Дархаммыт Айсен Николаев олохтообут
«Эдэр үлэһиттэри дьиэнэн хааччыйыы» бырагыраамата буолар. Маннык бырагыраама нөҥүө биһиги улууспутугар үлэлии кэлбит онколог, эпидемиолог, стоматолог быраастар бүгүн үөрүүлээх быһыыга дьиэ күлүүстэрин туттулар.
Быйылгы дьылга эбии өссө икки эдэр бырааспыт кыбартыыра ылаллара күүтүллэр.

Дьиэ ирдэбил быһыытынан чааһынай киһиэхэ бас билиигэ барбат, инникитин үөрэхтэрин бүтэрэн кэлэр оҕолорбутугар ананан туһаныллыаҕа.

Эдэр исписэлиистэрбитигэр улууспут олохтоохторо чэгиэн буолууларыгар
ситиһиилээх үлэни баҕарабын, — диэн улуус баһылыга Дмитрий Тихонов телеграмҥа ханаалыгар суруйда.

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Устудьуоннарга 25% чэпчэтии

Саха тыйаатыра  саҥа сезонугар эдэр ыччакка чэпчэтиини олохтоото. Ол курдук устудьуоннар 25%  чэпчэтиинэн туһанар буолуохтара.…

22 минуты ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

2843 киһи сонотуоруйга-куруорка барар айана төлөммүт

Социальнай пуонда Саха сиринээҕи салаата быйыл 2843 киһи сонотуоруйга-куруорка барарыгар айаннарын ороскуотун төлөөтө.    2025…

53 минуты ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Саха сиригэр ОРВИ-нан ыалдьыы элбээтэ

Өрөспүүбүлүкэҕэ ааспыт нэдиэлэ түмүгүнэн, Саха сиригэр  8,8 тыһыынча киһи тымныйбыта, тумуулаабыта (ОРВИ) бэлиэтэммит. Бу ол…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Төлөөбөтөх кирэдьиитин туһуттан массыынатыттан матта

Билигин кирэдьииттэрин кэмигэр төлөөбөт, ону ааһан  биир да харчыны төлөөбөт дьон бааллар. Суут бириистэптэрин Амма…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Пуонда учуотугар өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 198 инбэлиит турар

"Защитники Отечества" пуонда учуотугар өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 198 (байыаннай дьайыы кыттыылааҕа) инбэлиит турар. Сүрүн болҕомто тиэхиньиичэскэй…

2 часа ago
  • Аҕа дойдуну көмүскээччи сыла
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Байыаннай-тактическай күрэхтэһиилэр: Кыайыы иһин!

Бэҕэһээ “Путь воина” байыаннай-тактическай күрэхтэһиилэр аһыллыылара буолбута. Бүгүн сарсыардаттан  икки хамаанда – Саха сириттэн «Боотур»…

2 часа ago