Мэҥэ Хаҥаласка «Куйуур-2024» өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэх ыытылынна
Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ Петр Петрович Климентов төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах Куйуур-2024, биирдиилээн уонна хамаанданан бастыыр иһин өрөспүүбүлүкэтээҕи аһаҕас куйуур күрэҕэ кулун тутар 16 күнүгэр Тараҕай нэһилиэгин ытык эбэтигэр бэрт тэрээһиннээхтик ыытылынна.
—Улууспут уонна өрөспүүбүлүкэбит араас муннугуттан барыта 14 хамаанда кэлэн көхтөөхтүк кытынна. Икки чаас устата куйуурдааһыҥҥа, салгыы бириэмэҕэ ойбону алларыыга хамаанданан уонна биирдиилээн дьон күөн көрүстүлэр.
Быйылгы тэрээһиммит уратытынан оскуола оҕолоругар 14-гэр уонна 17-гэр диэри куйуур күрэҕэ киирбитэ буолла. Ыччаттарбыт төрүт дьарыкпытын баһылыылларыгар олус туһалаах саҥа сүүрээн буолла, сылын ахсын кэҥэтэн кыттааччытын ахсаанын эбэр соругу бэйэбит иннибитигэр туруорабыт.
Түмүккэ хамаанданан күрэххэ бастакы миэстэҕэ Хаптаҕай, иккискэ Моорук уонна үһүскэ Табаҕа хамаандалара таҕыстылар.
Ону таһынан саастарынан аттаран муҥутуур кыайыылаахтар быһаарылыннылар.
Быйылгы күрэх элбэх кыттааччылары, көрөөччүлэри түмтэ, Юрий Порядин баһылыктаах Тараҕай нэһилиэгин үлэһит дьонугар кыттааччылар ааттарыттан махталбын тиэрдэбин.
Үүнэр нэдиэлэҕэ Хорообукка уонна Майаҕа буолар куйуур тэрээһиннэригэр балыксыттары ыҥырабыт уонна күүтэбит.
Бу курдук төрүт дьарыкпытын харыстаан, өрө тутан илдьэ сылдьыаҕыҥ, ыччаттарбытыгар тиэрдэн олоххо бэлэмнээх, дьоһун дьон буолан тахсалларыгар маннык тэрээһиннэри үксэтэ, тэнитэ туруоҕуҥ!, — диэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Дмитрий Тихонов иһитиннэрдэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: