Мэҥэ Хаҥалас улууһугар 67-с төгүлүн ыытылар Култуура уонна успуорт эстафетатын күрэхтэһиитигэр Хаптаҕай нэһилиэгин олохтоохторо сылы быһа бэлэмнэнэн көхтөөхтүк кытыннылар.
Хаптаҕайга “Умсулҕан” (салайааччылар Е.И. Федорова, Л.Н. Назарова), “Күөгэйэ” (салайааччылар Е.Н. Лукина, А.Ю. Терентьева) бөлөхтөрө иискэ дьоҕурдаахтары, “Иэйии” бөлөх (салайааччы Е.Р. Гаврильева) хоһоону айааччылары түмэллэр. Биир дойдулаахпыт РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, Арассыыйа Худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, норуот маастара, Мэҥэ Хаҥалас улууһун, Хаптаҕай нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, иис туһунан босуобуйалар ааптардара, элбэх иистэнньэҥи иитэн-уһуйан таһаарбыт Анна Прокопьевна Скрябина айар үлэтин салҕааччылар кини олорбут дьиэтигэр мусуой тэрийэн, синньэлээһини (быысапкалааһыны) сайыннара сылдьаллара олус хайҕаллаах.
Быйылгы эстэпиэтэ быыстапкатыгар үгүс үлэ турда. Икки иис түмсүүтэ күүскэ үлэлээбитэ көһүннэ. Аҕыйах сыл иһигэр сахалыы толору кэмпилиэк таҥастаах дьахталлар ахсааннара нэһилиэккэ элбээтэ. Ол аата кыһыҥҥы саҕынньах, бэргэһэ, үтүлүк, этэрбэс, сайыҥҥы сэлээппэ, сайыҥҥы сон, этэрбэс, сахалыы дьэрэкээн киэргэллээх былааччыйалар, халадаай ырбаахылар тигилиннилэр…
Саха киһитэ Дьөһөгөй оҕотун чугас доҕор, миинэр миҥэ оҥостор. Иис бөлөхтөрө аты симэҕин буолунай тиктилэр. Туостан, мастан, тимиртэн, көмүстэн оҥоһуктар элбэхтэр. Аны туох барыта төрүттээх, суоллаах-иистээх буолар, 17-с үйэҕэ Хаптаҕайга Тамма үрэх Өлүөнэ эбэ хотуҥҥа түһэр сиринэн тимири уһаарар собуот тэриллэн үлэлии сылдьыбыта биллэр. Онно олохтоохтортон эмиэ үлэлэһэн, тимиринэн үлэлии үөрүйэхтэммиттэрэ таайан буоллаҕа, быыстапкаҕа эдэр дьон тимиртэн оҥоһуктара (быһах, анньыы, сүгэ, батыйа…) баара үөрдэр. Иистэнньэҥнэр быыстапка үлэтигэр саҥаны киллэрэн, саха киһитэ төрүттэриттэн илдьэ кэлбит үгэстэриттэн биирдэрин: ыал буоларга улахан суолтаны биэрэн, сүктэр кыыс уонна күтүөт уол таҥастарын-саптарын бэлэмнээн тэрийиини, таҥыннарыыны көрдөрдүлэр. Былыргы дьон барахсатар кыыс да, уол да таҥастарын ымпыктаан-чымпыктаан, инники олоххо бэлэмнээн мындырдык толкуйдаан тигэр эбиттэр. Ыл да тик, кэт диэн буолбат. Таҥас матырыйаала, хайдах тигиллэрэ барыта дириҥ ис хоһоонноох, ыал инники олоҕун харыстыыр-араҥаччылыыр суолталаах. Хаптаҕай быыстапкатыгар 105 кыттааччы барыта 564 үлэни туруорда. Баалбыт 4.20 буолла.
Норуот уус-уран айымньытын биир көрүҥэ оһуохай буолар. Манна үс киһи кытынна: Жанна Алексеева, Виктор Васильев, Юра Павлов. Мэҥэлии уонна бүлүүлүү үҥкүү тылларын таһаардылар. Кыттар дьон бары сахалыы таҥастаахтар. Оһуохай этиитэ – айылҕаны, дьону, иэйиини өйтөн тутатына уустаан-ураннаан, алгыс тылы этэн туран хоһуйар үтүө уратылаах. Түмүккэ 3,90 баалы ыллыбыт.
Павлов Юра — Оҕо уонна эдэр ыччат хамсааһынын өрөспүүбүлүкэтээҕи сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, “Дьулуур” оҕо хамсааһынын актыбыыһа, эдэр ыччат “Күн” уопсастыбаннай түмсүүтүн чилиэнэ, Амма Аччыгыйа аатын сүгэр өрөспүүбүлүкэтээҕи “Кэскил” оҕо хаһыатын юнкора, Хаптаҕай орто оскуолатын “Пульс” оҕо тэрилтэтин актыбыыһа, XI кылаас үөрэнээччитэ. Кини эстэпиэтэҕэ маннык тыллардаах оһуохайы таһаарда:
…Эмпэрэлээх сыырдардаах,
Элбэх иирэ талахтаах,
Өрүкүйэр долгуннаах,
Өлүөнэлиир эбэккэм,
Илинниирэ биэрэгэр,
Түөлбэлэнэн үөскээбит,
Үс дьоруойу үүннэрбит,
Түөрэх кэбиһэ төлкөлөөх,
Хаптаҕайым дьоллоох туоната…
Успуорт көрүҥнэригэр күрэхтэһии Павловскайдааҕы спорт комплексыгар буолла. Биһиги дьоммут бары көрүҥҥэ кыттан, сүүрэн-көтөн аҕай биэрдилэр. Олортон чопчу бэлиэтээтэхэ, саахымакка Анна Васильева, Владимир Ларионов, волейболга Марфа Блинова хапытааннаах дьахталлар хамаандалара бэркэ оонньоотулар, оҕунан ытыыга Мира Павлова, Дима Васильев, пневматикаҕа Саргы Дмитриева тэҥнээхтэрин булбатылар. Хамаандаҕа элбэх очукуоны биэрбит устудьуоннарбытыгар, ыччаттарбытыгар махталбыт сүҥкэн. Бу көрүҥҥэ биһиги 15.5 баалы ыллыбыт.
Уус-уран самодеятельность кэнсиэригэр быйылгы биир улахан ситиһиибитинэн элбэх эдэр ыччаты кытыннарбыппыт буолла. Аны эстэпиэтэ ис хоһоонунан дьиэ кэргэҥҥэ ананар эбит буоллаҕына, ол эмиэ ситиһилиннэ: Саргы, Прокопий, Стручковтар уоллара Никиталыын, Марфа Егорова, Виталий Власовтар ырыаны-хоһоону айыыга дьиэ кэргэнинэн кытыннылар. Элбэх бэлэмнэнии түмүгэр, чабырҕах “Ситим” (сал. Изабелла Алексеева), татаар үҥкүүтэ (туруорааччы Айталина Антонова), “Дьүрүһүй” бөлөх (сал. Ирина Кычкина), Ирина Кычкина монолога, “Дьиэ кэргэн психолога” сыаҥка (сал. Елена Павлова), “Эҕэрдэ” үҥкүүтэ, Оһуор” үҥкүүтэ (туруорааччы Сардаана Терентьева) Дипломант буоллулар. “Этимэ” дуэт (Марфа Егорова, Виталий Власов), Мария Васильева уонна Марфа Егорова сололара, “Бары” хор (хормейстер Прасковья Давыдова), “Мичийэ” ансаамбыл (сал. Мария Васильева) Лауреат аатын ыллылар. Түмүккэ 3,94 баалы ыллыбыт.
Киһи долгуйар түгэнинэн Хаптаҕай олохтооҕо, анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа Иван Яковлев уоппускатыгар кэлэ сылдьан, нэһилиэгин чиэһин көмүскэһэн, кэнсиэркэ кыттыбыта буолла, кэнсиэр бүтээтин кытта, түүн 2 чааска сулууспалыр сиригэр көттө. Бары этэҥҥэ сылдьарыгар алгыспытын этэн хааллыбыт.
Хаптаҕайга Култуура киинэ суох буолан, кэнсиэркэ уонна спортивнай күрэхтэһиилэргэ бэлэмнэниилэр устатынан да, кэтитинэн да Павловскай спортивнай комплексыттан быдан кыра Хаптаҕай спортивнай комплексыгар ыытыллыбыттара: биир муннукка ыллыыллар, иккис өттүгэр ыстаҥалаһаллар, оннук бэлэмнэнии хаачыстыбата биллэр буоллаҕа. Биһиги дьоммутугар өйөбүл буола сарсыардаттан тэриллэн Павловскайга тиийдибит. Кэнсиэр буолар залыгар көрөөччү тобус-толору! Хас биирдии нүөмэр “биис”, “брааво” бөҕөтө. Ону истэн тус бэйэбитин хайҕаабыттарынааҕар ордук үөрэ олордубут. Аны кэнсиэр бүтээтин кытта, олох билбэт дьоммут, Павловскай олохтоохторо, кэлэн илии тутуһа-тутуһа, эҕэрдэлии-эҕэрдэлии: “Бэртээхэй кэнсиэр, элбэх эдэр киһи кытынна”, “Талааннаах да дьонноох эбиккит, кэнсиэри биир тыынынан көрдүбүт”, “Астынныбыт-дуоһуйдубут аҕай!” – диэн махтал долгутуулаах тылларын эттилэр. Көрөөччү истиҥ махталын, үтүөкэн сыанабылын ылар – үрдүк сыанабыл!
Бу эстэпиэтэ сүрүн сыала-соруга култуураҕа уонна успуорка нэһилиэнньэни маассабайдык кытыннарыы буолар. Биһиги ону ситистибит, өссө хайҕатаары, эдэр ыччаты уонна 2024 сылы Владимир Путин Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо аймах сылынан биллэрбиттэринэн, дьиэ кэргэттэри хото кытыннардыбыт. Ырыа буоллун, успуорт буоллун, уус-уран оҥоһук быыстапката буоллун, бары көрүҥнэргэ нэһилиэк ыаллара оҕолорун кытары көхтөөхтүк кытыннылар. Барыбытыгар үтүөнү, кэрэни баҕарабын.
Зинаида Игнатьева, Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ
LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…
Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…
Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга саамай…
Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…
РФ Үөрэҕириитин уонна Үөрэҕи, билими кэтээн көрөр федеральнай сулууспа кэлэр сыллааҕы биир кэлим эксээмэн, сүрүн…
Арассыыйа тимир суоллара (АТС) Кытайы уонна КНДР-ы кытта пассажирдары тиэйиини сөргүтэллэр. Бу туһунан АТС пресс-сулууспата…