Мэҥэ Хаҥаласка «Кусчуттар чэй иһэллэр» булчуттар күрэстэрэ буолла

Share

Атырдьах ыйын 18 күнүгэр Дьаҥхаады нэһилиэгэр саха биллиилээх артыыһа, режиссера, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ Аркадий Новиков төрүттээбит «Кусчуттар чэй иһэллэр» булчуттарга анаммыт өрөспүүбүлүкэтээҕи аһаҕас күөн күрэс үөрүүлээх быһыыга-майгыга быйыл XI төгүлүн ыытылынна. Бу туһунан Мэҥэ Хаҥалас улууһун пресс-сулууспата суруйар. 

Тэрээһин саҕаланыытыгар улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Василий Михайлов эҕэрдэ тыл эттэ, кыттааччыларга бары үтүөнү баҕарда. Тэрийээччилэргэ оройуон дьаһалтатын аатыттан эҕэрдэ сурук туттарда.

Күрэҕи Майатааҕы «Көөчөөн көрө» норуот тыйаатырын үлэһиттэрэ Анна Охлопкова, Афанасий Андреев, улуустааҕы Айылҕа харыстабылын кэтээн көрөр инспекциятын ыстаарсай судаарыстыбаннай иниспиэктэрэ Иннокентий Лаптев уонна судьуйа Иван Ермолаев иилээн саҕалаан ыыттылар.

Күөн күрэһи саха булчут сиэринэн сири-уоту аһатыынан алгыһынан Аркадий Новиков чугас доҕоро, үөлээннээҕэ, кини киинэлэригэр элбэхтик уһуллубут, дьоһуннук оонньообут Гаврил Спиридонов сырдык алгыһынан арыйда.

Кыттааччылар эгэлгэ элбэх эт-хаан эрчиллиитин, өй-санаа тургутуутун күрэҕин аастылар. Ол курдук, ураннык хоһуйан бэйэни билиһиннэриигэ, омуннаах-төлөннөөх булт мүччүргэннээх сырыыларыттан быһа тардан кэпсээҥҥэ, айылҕа викторинатыгар, сааны ыһыыга-хомуйууга, куска үөмүүгэ, дулҕалары ойууга, бэргэн ытыыга, мончуук хомуйаат сылбырҕатык күөлгэ устан киириигэ, ким быһыйын быһаарар күөн күрэскэ.

Биир дойдулаахтара Дьаҥхаадылар эбиэт кэмигэр сылаас дьиэ астаах омурҕан тэрийдилэр. Сааскы кустан хоргун алла буспут үтүө миин, үүттээх чэй, арыылаах алаадьы уо.д.а. саха талбыт аһа. Ирэ-хоро кэпсэтии, сэһэн-сэппэн манна таҕыста. Дьон-сэргэ сылаас, иһирэх тылынан Аркадий Новиковы ахтан-санаан аастылар.

Иван Ермолаев улуу нуучча худуоһунньугун хартыынатын хайдах курдук ханарытан биһиги дьоммутун киллэрбитин сырдатта. Оруобуна бу курдук уобараһы биир күһүн баччаларга Аркадий Михайлович дойдутун тыатыгар Бөдөлөккө бултуу сылдьан, кутаа тула олорон үүт-маас арыйбытын сырдыы-үөрэ кэпсээтэ. Онтон сиэттэрэн бу ханарытыы хартыына үөскээн тахсыбытын сэһэргээтэ.

Самаан сайын көмүс күһүннүүн солбуйсар үтүө мааны, намыын ыраас күнэ биллибэккэ да ааста.

Күрэс кыайыылаахтарынан ааттаннылар:

I миэстэ — Петр Пестряков, Хара нэһилиэгэ. Автомат саа ыларга туоһу сурук уонна тыыннаах иитиэх кус.

II миэстэ — Василий Макаров, Төҥүлү нэһилиэгэ. Тыы уонна 20 тыһыынча уу харчынан туоһу сурук.

III миэстэ — Аскольд Винокуров, Догдоҥо нэһилиэгэ. Пылесос уонна 15 тыһыынча уу харчынан туоһу сурук.

IV миэстэ — Филимон Зорин, Дьаҥхаады нэһилиэгэ. Пылесос уонна 10 тыһыынча уу харчынан туоһу сурук .

Күрэҕи тэрийиигэ Аркадий Михайлович төрөппүт уола Ян Аркадьевич Новиков күүс-көмө буолла. Бары кыттааччыларга уонна көрөөччүлэргэ «Көөчөөн көрө» Майатааҕы норуот тыйаатырын аатытттан салайааччы Анна Охлопкова сүрдээх үчүгэй «Булчуттар чэй иһэллэр» диэн суруктаах Аркадий Новиков үөлээннээхтэрин кытта кутаа тула олорор ойуулаах чааскыларын өйдөбүнньүк быһыытынан хас биирдиилэригэр бэлэхтээтилэр.

Тэрийээччилэр, Аркадий Новиков дьиэ кэргэнэ ис сүрэхтэриттэн бары успуонсардарга истиҥ махтал тылларын тиэрдэллэр.

Сырдык санаалаах биир дойдулаахпыт дьиҥ норуоттан тахсыбыт үтүө киһибит Аркадий Новиков аата үйэлэргэ ааттана турдун!

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьатыгар оскуола-саад үлэҕэ киирдэ

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ БКЭ туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын Госдуумаҕа киллэрдилэр

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Амма улууһун Михайловкатыгар Норуот айымньытын дьиэтэ аһылынна

Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…

10 часов ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

29 саастаах кыыс маркетплейс табаардарын уорбут

Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…

10 часов ago
  • Интэриэһинэй

СҮБЭҺИТ: Тохсунньу, олунньу ыйдарга тугу олордобут?

Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…

11 часов ago
  • Бэрээдэк

68 саастаах дьахтар балыыһаҕа сылдьан таҥас уоран тахсыбыт

Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…

11 часов ago