Мэҥэ Хаҥаласка «Кылаабынай муниципальнай уйулҕаһыт» бырайыак үлэлээтэ
Мэҥэ Хаҥалас улууһугар «Кылаабынай муниципальнай уйулҕаһыт» бырайыак үлэтин саҕалаата.
Анал сөбүлэҥҥэ филиал 20 сыллааҕы үбүлүөйүн чэрчитинэн Мэҥэ Хаҥалас улууһа уонна өрөспүүлүкэтээҕи психологическай киин илии баттастылар.
«Бырайыакка Киин исписэлиистэрэ муниципалитекка үлэлиир атын салаалар бары психологтарыгар методическай өйөбүлү, ону тэҥэ улуус үрдүнэн кириисис уонна ыксаллаах быһыы-майгы тахсыбыт түгэнигэр бары психологическай сулууспалары сөп түбэһиннэрии боротокуоллара киирэллэр. Маны таһынан, муниципальнай үлэһиттэргэ байыаннай дьайыыларга сылдьыбыт байыастар социальнай адаптацияларын барыыларыгар үлэ ыытыллар. Бу хайысха Ил Дархан Айсен Николаев Анал этиитигэр бэлиэтээбитин курдук систиэмэлээх буолуохтаах», — диэн уйулҕа киинин дириэктэрэ Владимир Скрябин бэлиэтээтэ.
Киин дириэктэрэ Нам улууһун исписэлиистэрэ «Кылаабынай муниципальнай уйулҕаһыт» бырайыак чэрчитинэн Ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтин өттүттэн “За заслуги» үрдүк федеральнай наҕарааданан наҕараадаламмыттарын аҕынна. Ол курдук, уйулҕа киинин Намнааҕы салаатын ыстаарсай психолога исписэлиистэри быыһыыр сулууспа үлэһиттэригэр методическай көмөнү сөптөөх оҥорон бэлиэтэммитэ.
“Байыаннай дьайыы кэмигэр идэтийбит психологическай өйөбүлү уонна көмөнү оҥоруу салҕанар. Бу кэм устата 46,8 тыһыынча байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэригэр 35,5 тыһыынча биирдиилээн уонна бөлөх көрүҥнээх психологическай үлэ ыытылынна», — диэтэ эттэ салайааччы.
Көмөнү уонна өйөбүлү үлэ чааһыгар 8 (4112) 31-91-09 нүөмэргэ эрийэн ылыахха сөп.
Күнүстэри-түүннэри үлэлиир филиалларга көмө төлөпүөнүгэр эмиэ эрийиэххитин сөп: 8-800-100-35-50 эбэтэр 122, онтон 6 уонна 2.
Писхологическай көмө уйулҕаһыттарын киинин үлэтин байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэригэр Ил Дархан Айсен Николаев аатыттан СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина сүрүннүүр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: