От ыйын 12 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов үлэлээтэ. Бу туһунан Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата суруйар.
Улуус баһылыга Дмитрий Тихонов, баһылыгы тутуу боппуруостарыгар солбуйааччы Василий Филиппов, социальнай уонна имиджевэй бэлиитикэҕэ солбуйааччы Альбина Григорьева буолан улууска национальнай бырайыактарынан тутулла турар социальнай эбийиэктэри көрдүлэр.
Дойдубут бэрэсидьиэнэ Владимир Путин олохтообут «Демография» национальнай бырайыагынан, Ил Дархаммыт Айсен Николаев, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ быһаччы өйөбүллэринэн Мөҥүрүөн нэһилиэгэр аҕам саастаах уонна доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо аналлаах дьиэ тутуллуутун туругун билистилэр.
51 сытар миэстэлээх эбийиэги Василий Пинигин дириэктэрдээх «Электромонтаж» тэрилтэ эһиил, 2025 сыл күһүнүгэр үлэҕэ киллэриэхтээх.
Аллараа Бэстээххэ «Абалаах» дьон чэбдигирэр киинин миэстэтин көһөрүү боппуруоһун тула сүбэлэстилэр.
Майаҕа «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак нөҥүө 33 сытар миэстэлээх балыыһа тутуллуохтаах былаһааккатыгар сырыттылар. Балыыһаны «Адгезия» тэрилтэ, былаан быһыытынан, 2025 сыл бүтүүтэ үлэҕэ киллэриэхтээх. Билиҥҥи туругунан 182 сыбаайа түспүт.
Бырабыыталыстыбаҕа социальнай боппуруостары сүрүннүүр Георгий Михайлович социальнай эбийиэктэр болдьохторугар тутуллан үлэҕэ киириилэригэр бүтүн Дойду үрдүнэн улахан болҕомто уурулларын бэлиэтээн эттэ.
Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…
Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл. …
— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…
Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…
Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…
Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…