Салгыы
Мэҥэ Хаҥаласка улуустааҕы Xl Олоҥхо ыһыаҕа буолла

Мэҥэ Хаҥаласка улуустааҕы Xl Олоҥхо ыһыаҕа буолла

26.06.2023, 11:30
Хаартыска: ааптар тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Бэс ыйын 17-18 күннэригэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо хоһуллубут Уол Табаҕа диэн биир үтүөкэн сиригэр нэһилиэк төрүттэммитэ 255 сылыгар уонна үс сүдү убайдарбыт: ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, олоҥхоһут, сээркээн сэһэнньит Иннокентий Иванович Бурнашев-Тоҥ Суорун төрөөбүтэ 155, бэйиэт, тылбаасчыт Иван Егорович Слепцов-Арбита төрөөбүтэ 110, Саха АССР норуотун маастара, аатырбыт тимир ууһа Семен Иннокентьевич Гоголев-Амынньыкы Уус төрөөбүтэ 110 сылларыгар аналлаах «Ырыа куттаах Табаҕа Олоҥхону уруйдуур!» диэн улуустааҕы Xl Олоҥхо ыһыаҕа буолан ааста.

Ыһыах бастакы күнүгэр түһүлгэҕэ сэргэ туруоруутун сиэрэ-туома уонна И.И.Бурнашев-Тоҥ Суорун аатынан айар куттаахтар балаҕаннарыгар көмүлүөк оһох уотун сыралҕаныгар «Уол Табаҕаҕа олоҥхо дуорайар» диэн күрэс ыытылынна. Күөн күрэскэ бөлөҕүнэн толорууга барыта 5 бөлөх, биирдиилээн толорууга 16 кыттааччы, ол иһигэр Тааттаттан, Чурапчыттан Дьокуускайтан уонна Мэҥэттэн кэлбиттэр. Табаҕаттан олоҥхо күрэҕэр Галина Зыкова, Прасковья Лебедева, Татьяна Степанова кытыннылар. «Арбита олоҕун суолунан» диэн куйаар ситимин нөҥүө ыытыллыбыт хоһоон ааҕыытын күөн күрэһэ Табаҕатааҕы олохтоох модельнай бибилэтиэкэ үлэһиттэрин тэрийиитинэн ыытылынна. Манна 25 кыттааччы үс бөлөҕүнэн араарыллан сыаналанна. Кыайыылаахтарынан оҕолорго Төхтүртэн Алико Митрофанова (салайааччы Екатерина Вензель), ыччаттарга Табаҕаттан Иван Григорьев, улахан дьоҥҥо Бэдьимэттэн Иннокентий Винокуров кыайыылаах тахсаннар 20-25 тыһыынча солкуобайдаах бириискэ тигистилэр. Биһирэбил бириистэри 10-нуу тыһыынча солкуобайы Табаҕаттан Семен Марков уонна Мооруктан Александр Иванов ыллылар. Хас биирдии кыттааччыга Туоһу суруктар, кыайыылаахтарга Добун суруктар ананнылар. Харчынан бириистэри Иван Арбита хаан уруу аймахтара Слепцовтар, Марковтар, Борисовтар туруордулар.


Ыһыах иккис күнүгэр сарсыардаттан түһүлгэҕэ сахалыы мааны таҥастаах далбар хотуттар, кындыа кыталык кыргыттар, тойон хаан көрүҥнээх эр хоһууннар, хорсун-хоодуот бэйэлээх уоланнар, сир симэхтэрин курдук сиэдэрэйкээн таҥастаах оҕо аймах тоҕуоруһа мустан, кэтэһиилээх күммүт дьэ үүнэн, олбохтордоох олохторго кэккэлии олорунан И.И.Бурнашев-Тоҥ Суорун «Сылгы Уола Дыырай бухатыыр» диэн олоҥхотунан турбут бэртээхэй театрализованнай дьүһүйүүнү көрдүбүт. Манна сүрүн оруолларга олоҥхоһут хаан уруу сыдьаана, хос-хос сиэн кыыс Сахайаана уонна күтүөт уол Григорий Осиповтар оонньообуттара өссө ордук кэрэхсэбиллээх буолла. Атын оруолларга олохтоох ырыаһыттар, тойуксуттар Аграфена Бурнашева, Алексей Бурнашев, Анатолий Бурнашев, Петр Зыков, Семен Марков кытыннылар. Дьэ манна бааллар эбит ээ, дьиҥ норуот талааннара… Олоҥхо дьиэтин үлэһитэ Арыйаан Пермяков туруорбут олоҥхо- дьүһүйүүтүн сөҕө-махтайа көрдүм.


Айыы түһүлгэтигэр Спиридон Григорьев-Илгэлээх Испиридиэн алгыһынан, аал уоту арыылаах алаадьынан, сылгы сиэлинэн, кырылыы кыынньар кымыһынан күндүлээбитин кэннэ добун оһуокайга киирэн, төгүрүччү иилии эргийэн, тэтими ылан ыһыахпыт дьэ ити курдук арылынна.

СӨ Дархан этээччитэ Станислав Иванов оһуокайы таһаарда. «Айылгы» үҥкүү кэлэктиибэ (салайааччы Анатолий Бурнашев), эрэкэ-дьэрэкэ оҕолор киирэн түһүлгэни киэргэттилэр.

Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыгын Дмитрий Иванович Тихонов уонна бэйэтин аатыттан баһылыгы социальнай уонна имиджевай бэлиитикэҕэ солбуйааччы Альбина Андреевна Григорьева биир дойдулаахтарын үбүлүөйдээх ыһыаҕынан эҕэрдэлээтэ уонна наҕараадалары туттартаата.

Ыал буолан, эйэ дэмнээхтик бииргэ олорбуттара 50 сылынан Василиса Афанасьевна уонна Дмитрий Дмитриевич Слепцовтарга «Ытык ыал» Бочуот кинигэтигэр киллэриллибиттэрин туоһутун, Парасковья Титовна Макароваҕа үөрэх эйгэтигэр өр сыллаах үтүө суобастаах үлэтин иһин «Мэҥэ аат» Бочуот кинигэтигэр киллэриллибит туоһуну, Екатерина Ивановна Билюкинаҕа «Тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар кылаатын иһин» түөскэ кэтиллэр бэлиэни, СӨ автомобильнай тырааныспарын бочуоттаах үлэһитигэр Иван Алексеевич Бурнашевка улуус баһылыгын кыһыл көмүс чаһылаах Грамотатын, үлэ бэтэрээнигэр Петр Алексеевич Гоголевка улуус баһылыгын Грамотатын, улуус Дьокутааттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлин Бочуотунай грамоталарын Тараҕай нэһилиэгин дьаһалтатын үп-харчы боппуруостарыгар баһылыгы солбуйааччы Акулина Кимовна Бурнашеваҕа, олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыба үлэһитигэр Дмитрий Алексеевич Филипповка уонна 2012- 2022 сылларга нэһилиэк баһылыгынан үлэлээбит Гавриил Анатольевич Бурнашевка туттарда.


Ил Түмэн тыа сиригэр уонна аграрнай бэлиитикэҕэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, норуот дьокутаата Андрей Михайлович Находкин Ил Түмэн Бочуотунай грамоталарынан наҕараадалаата. А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин Олоҥхо киинин сүрүннүүр исписэлииһэ Ульяна Флегонтова СӨ Олоҥхо иккис уон сыллаах эргиирин ыытар, тэрийэр национальнай кэмитиэт Махтал суруктарын туттарда.

Улуус култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга салалтатын салайааччыта Анна Руслановна Исакова саха төрүт үгэстэрин, оҥоһуктарын сөргүтүүгэ кылааттарын киллэрбит Савва Александрович Левиҥҥэ «СӨ уус-уран оҥоһуктарын маастара» уонна Раиса Ефремовна Калачеваҕа «Мэҥэ Хаҥалас улууһун сатабыллаах маастара» диэн түөскэ кэтэр бэлиэлэри туттарда.

«Саха» НКИХ генеральнай дириэктэрэ Олег Олегович Марков улуустааҕы Олоҥхо ыһыаҕа киэҥ эйгэҕэ көһүннүн диэн кэриспэдьиэннэри таһааран ыһыаҕы уһултарда. «Майа сэлиэнньэтэ» тыа сирин түөлбэтин баһылыга Алексей Неустроев уонна Тараҕай нэһилиэгин баһылыга Юрий Порядин нэһилиэк социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар киллэрсибит кылааттарын иһин «Тараҕай нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо» ааттары иҥэрэр бэлиэлэри Анастасия Васильевна Борисова, Антонина Семеновна Маркова, Пелагея Андреевна Бурнашева, Елена Кирилловна Винокурова, Екатерина Дмитриевна Романова, Виктория Викторовна Тарасова ыллылар, нэһилиэк Бочуотун кинигэтигэр киирбит туоһу суругу Оксана Ильинична Баишеваҕа туттарда. «Уол Табаҕа» түөскэ кэтэр бэлиэлэри Альбина Андреевна Григорьеваҕа, Юрий Тимофеевич Поповка уонна үлэ бастыҥнарыгар грамоталары, Махтал суруктары туттарда.

Опера уонна балет тыйаатырын артыыһа Дмитрий Кырдал «Доҕоруом, дабай күөх сыырдаргын» диэн Аркадий Алексеев ырыатынан бары наҕараадаламмыттары эҕэрдэлээтэ. Биир дойдулаахпыт, ырыаһыт Парасковья Осипова Валентина Саввина-Оһуордаах тылларыгар, Елена Ильина-Намчы «Өбүгэм сиригэр» диэн ырыатынан эҕэрдэлээтэ.

Бу кэнниттэн ыҥырыылаах ыалдьыттар сандалы тула олорон ыһыах маанылаах аһыттан амсайдылар.

«Түһүлгэ үөрүүтэ оһуохай!» күөн күрэскэ Галина Зыкова, Евгения Федорова кытыннылар. Олоҥхо күрэһэ салҕанан, Анисия Степанова (Аллараа Бэстээх) l миэстэҕэ, Прасковья Лебедева (Табаҕа) ll миэстэҕэ уонна Станислав Иванов (Майа) lll бириистээх миэстэҕэ тигистэ. Куолаан толорууга Тааттаттан кэлбит «Түһүлгэ түһүмэхтэрэ» бастакы миэстэни, Дьокуускайтан «Алаһа дьоҕурдара» иккис миэстэни ылла, үһүс бириистээх миэстэҕэ Аллараа Бэстээхтэн «Айыллыы» бөлөх тигистэ. Биирдиилээн толорууга кыайыылаҕынан тахсан, Кылаан бирииһи, 50 тыһыынча солкуобай суумалаах бирииһи толороочу Виталий Никифов (l Тыыллыма) уонна «Айыллыат» бөлөх (Майа) тутаннар үөрүү өрөгөйүн биллилэр.


«Дьүрүһүй хомуһум, дьүрүһүй!» күөн күрэскэ Дьокуускай куораттан, Майаттан Төхтүртэн, Тиэлигиттэн кэлэн кыттыыны ыллылар. Дьүүллүүр сүбэҕэ биир дойдулаахтарбыт, импровизатор-хомусчуттар, СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ Агния Спиридоновна Жиркова, СӨ култууратын туйгуна Туйаара Жиркова уонна эмиэ импровизатор-хомусчут Игнатьев Игорь Николаевич үлэлээбиттэрэ. Эдэр, кэскиллээх хомусчукка Амынньыкы төрөппүт уола Владимир Семенович Гоголев бэйэтин хомуһун туттарбыта. Кыайыылаахха бирииһэ эрэһиинэ тыы этэ. Тимир уустарыгар Ороссолуодаттан кэлбит Роман Иванов хомус тылын сөптөөхтүк туруорарга маастар-кылаас көрдөрбүтүгэр Гоголевтар аймах 20 тыһыынчаны туттардылар.

«Ыллыаҕыҥ-туойуоҕуҥ, чабырҕахтаан чаҕаарыаҕыҥ», «Ойор күннээх Орто дойдуну хоһуйдахпыт буоллун» диэн саха норуотун уус-уран айымньыларыгар,» «Кокуоралаах ытыс ымыыта — дьүрүһүйэр хомуһум барахсан!» диэн аһаҕас күөн күрэс эмиэ ыытылынна. Чабырҕахха Бүтэйдээхтэн «Дьүөгэлиилэр» бөлөх 15 тыһыынча суумалаах харчынан бириискэ тигистэ.

«Саргылаах сахам таҥаһа» күөн күрэскэ Александра уонна Поликарп Васильевтар дьиэ кэргэнинэн кыттаннар кыайыылааҕынан тахсан 15 тыһыынча суумалаах сэртипикээти ыллылар. Аныгылыы тупсаҕай быһыылаах сахалыы таҥаска 10 тыһыынча солкуобай суумалаах анал бирииһи Маргарита Скрыбыкина ылла.
Аны успуорт көрүҥнэригэр күрэхтэһиилэргэ үгэс буолбут илии-атах оонньууларыгар оҕолор саастарынан арахсан сүүрдүлэр, хапсаҕайдастылар. Хапсаҕайга Маттаттан Матвей Кычкин эрэллээхтик бастаан, харчынан бириис ылла. Дьокуускай куораттан саха политехническай лисиэй үөрэнээччилэрэ Проня уонна Вадим Петровтар хапсаҕайга киирсэн бэйэлэрин ыйааһыннарыгар эмиэ бастаатылар.Улахан дьоҥҥо кэрэ аҥардар сүүрүүгэ, эр дьон многоборье көрүҥнэригэр илин-кэлин түһүстүлэр. Манна 13 кыттааччыттан үһүс бириистээх миэстэҕэ Төҥүлүттэн Дьулустаан Заровняев, иккис миэстэҕэ Горнайтан Никита Петров уонна бастакы миэстэҕэ Чүүйэттэн Николай Тимофеев тигистилэр. Күрэхтэһиигэ бириистэри успуорду өйөөччүлэр, тэрилтэлэр уонна «Уол Табаҕа» түмсүү туруордулар.

Бу кэмҥэ Иннокентий Иванович Бурнашев-Тоҥ Суорун сыдьааннарын эҕэрдэ кэнсиэрэ буолла. Онно ийэбитинэн хос эһэбит (Тоҥ Суорун инитэ) Николай Иванович Бурнашев- Тутас Ньукулаас хос сиэнэ буоларбынан, бэйэм хоһооммун ааҕан кыттыыны ыллым. Хоһоонньут Мусьяна Попова-Сосина, ырыаһыт Галина Сосина, хомусчут кыргыттар эҕэрдэҕэ кытыннылар. Тоҥ Суорун сыдьааннара бэйэлэрэ улахан түһүлгэни тэрийдилэр. Кэрэ-мааны кийиит Маргарита Семеновна Белолюбская, Федор Федорович Белолюбскай иилээн-саҕалаан ыыттылар. Ытык ийэ, эбэ, Мария Михайловна Сосина-Эбээ Маайа кыбытан, аттаран тикпит дьэрэкээн көстүүлээх көбүөрдэрэ, олбохторо түһүлгэни киэргэттилэр. Михаил Иванович Сосин ааттаан-суоллаан анал бэлэхтэрин туттарда. Тумус туттар эдьиий киһибит Марфа Павловна Соловьева кэлбит этэ. Тоҥ Суорун талба талааннаах ыччаттара бары даҕаны удьуордарын утумнааччылар, салҕааччылар буоллахтара.

Хаартыска: ааптар тиксэриитэ

Киэһэ «Үҥкүүлүүр үрүҥ түүн…» диэн олохтоох вокальнай-инструментальнай ансаамбыл уонна Иннокентий Гаврильев-Лэкиэс, Байбал Сэмэнэп кыттыылаах кэнсиэр, үҥкүү-битии, күнү көрсүү буолбута.

Ыһыах буолан баран үгэс быһыытынан ат сүүрдүүтэ суох буолбат. Тэйиччи соҕус турар Алачай диэн алааска 25 ат, уопсайа 9 сүүрдүүгэ элбэх көрөөччүлэрдээх, ыһыылаах-хаһыылаах ыалдьааччылардаах ааспыт. Кэлбит ыалдьыттар сүүрүк аттара кыайан илии тутуурдаах, өттүк харалаах, үөрэн-көтөн барбыттар.

Дьэ, бу курдук 2 күннээх, сүрдээх киэҥ далааһыннаах дойдум ыһыаҕар астына-дуоһуйа сылдьыбыппын өйдүү-саныы сылдьар гына бичийдэҕим буоллун… Ыһыах тэрээһинигэр сүүрбүт-көппүт, көмөлөспүт биир дойдулаахтарбытыгар, баһылык Юрий Афанасьевичка, олохтоох дьаһалта үлэһиттэригэр, Капиталина уонна Иван Бурнашевтар ааттарынан «Ситим» култуура дьиэтин дириэктэригэр Елена Гаврильевна Бурнашеваҕа, «Уол Табаҕа» түмсүү салайааччытыгар Александр Брызгаловка, Майя Ермолаеваҕа, Александр Поповка, Олег Марковка, о.д.а.үбүнэн-харчынан күүс-көмө буолбут дьоммутугар барҕа махтал буоллун!

Уруйдуубун бу кэми
Үөрүү үксүүр түгэнин!
Урааҥхай удьуора тоҕуоруһар
Үчүгэйкээн сай самааны!..
— диэн ырыа буолбут хоһоонум тылларынан түмүктүүбүн.

Валентина САВВИНА-ОҺУОРДААХ, СӨ уус-уран оҥоһуктарын маастара, Тараҕай нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -25°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: