Салгыы
Мэҥэ Хаҥаласка ыһыы үлэтэ саҕаланна

Мэҥэ Хаҥаласка ыһыы үлэтэ саҕаланна

25.05.2023, 11:30
Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспатын хаартыската
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун тыатын хаһаайыстыбатын салалтатын салайааччытын солбуйааччы Александр Борисов уонна сүрүн агроном Василий Бурнашев бааһыналарга тахсан бурдук ыһыытын хаамыытын билистилэр итиэннэ сир температуратын, буор сиигин мээрэйдээтилэр.

Аркадий Попов салайааччылаах бааһынай хаһаайыстыба Дьаҥхаады нэһилиэгин Долоон сайылыгын бааһынатыгар 417 га иэннээх сиргэ номнуо сири хоруттаран, уоҕурдан, ыһыыга киирбит. Ол туһунан Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

«Билигин тохсуо буолан биир симиэнэнэн үлэлии сылдьабыт, бэс ыйыгар диэри бүтэрэр былааннаахпыт», — диэн Аркадий Николаевич кэпсээтэ.

ИП А.Н. Попов 2000 сыллардаахтан бурдук ыһыытынан дьарыктанар, уопуттаах хаһаайыстыба буолар. Быйыл 61 туонна бурдугу (40 туонна эбиэс, 21 туонна нэчимиэн) атыылаһан уонна бэйэлэрэ хаалларыммыт сиэмэ бурдуктарын ыһар былааннаахтар. Баҕар, кураан дьыл буолуо диэн  сабаҕалаан, «Гелиос» хампаанньаҕа страховкаламмыттар, күнү-дьылы кэтээн көрөр тэрилтэни кытта дуогабар түһэрсибиттэр.

Александр Борисов уонна Василий Бурнашев салгыы Доллу нэһилиэгэр «Тумул» тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарар кэпэрэтиибин сүрүн агрономун Тимур Десяткины кытта көрсөн, бааһынаҕа үлэ хаамыытын билистилэр. «Тумул» кэпэрэтиип бу ый 15 чыыһылатыгар сиик саптарыытын түмүктээн, сиэйэлкэлэрин өрөмүөннээн, сири диискэлээһиҥҥэ уонна уоҕурдууга киирбит. Кинилэр быйыл уон аҕыс буолан икки симиэнэнэн 9 бааһынаҕа 30 туонна уоҕурдууну, 450 гектар иэннээх сиргэ туорахтаах, 104 гектага «куорма» бурдугун ыһан биэс күнүнэн бүтэрэр былааннаахтар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: