Мэҥэ Хаҥаласка ыт кулунчугу сиэбит…
Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хорообут нэһилиэгэр ыт кулунчугу сиэбит диэн сурах социальнай ситимҥэ тарҕанна.
Ол курдук, СИА-ҕа нэһилиэк дьаһалтата иһитиннэрбитинэн, кулуҥҥа ыт саба түспүт түгэнэ бэлиэтэммэтэх. Ол эрээри өлбүт кулун төрөөбүт диэн иһитиннэрбиттэр. Нэһилиэк баһылыга Гаврил Бродников кэпсииринэн, чааһынай ыал биэтэ өлбүт кулуну төрөппүт. Кулун өлүгүн түүн ыт сиэбитин сарсыарда биирдэ булбуттар. Ыт хаһаайына ким буолара быһаарыллыбыт. Эрдэ бэйдиэ ыттар дьиэ сүөһүтүгэр, сылгытыгар саба түспүт түгэннэрэ бэлиэтэммэтэх.
Санатар буоллахха, былырыын Үөһээ Бүлүү улууһугар төрүү сытар биэҕэ бэйдиэ ыттар саба түһэн кулуну уонна биэни тыыннаахтыы сиэбиттэрэ. Билигин хаһаайыннаах ыт көҥүл-босхо сылдьара бобуллар, бу иһин административнай эппиэтинэскэ тардыллыахха сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: