Мэҥэ Хаҥаластар Нам улууһугар субуотунньук тэрийдилэр

Share

Мэҥэ Хаҥаластар бүгүн, ыам ыйын 31 күнүгэр, улуус баһылыга Дмитрий Тихонов салайааччылаах 20 киһилээх бөлөҕө Нам улууһугар гуманитарнай көмөнү тиэртилэр.

Улуус баһылыга Дмитрий Иванович бу сарсыарда Мэҥэ Хаҥалас улууһун үлэһит дьонун аатыттан 17 төбө ынах сүөһүнү, ньирэйи уонна 3 туонна сиэмэ хортуоппуйу Нам улууһун баһылыгар Юрий Слепцовка туттардылар.

Хаартыска: Нам улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата

Оробуочай бөлөх састааба салгыы халаан уутуттан эмсэҕэлээбит нэһилиэктэринэн көмөнү туттарыахтара уонна субуотунньуктары тэрийиэхтэрэ.

Бу иннинэ улуус баһылыга Дмитрий Иванович Тихонов Мэҥэ Хаҥалас улууһун олохтоохторугар сааскы халаан уутуттан эмсэҕэлээбит Нам улууһун нэһилиэктэригэр гуманитарнай көмөнү хомуйарга ыҥырыы таһаарбыта.  Көхтөөх улуус олохтоохторо барыта 1 мөл. солк. харчынан, аһынан-үөлүнэн, таҥаһынан-сабынан, наадалаах туттар тэриллэринэн көмөлөстүлэр диэн Нам улууһун дьаһалтата суруйар.

Санатан эттэххэ, ыам ыйын 20 күнүгэр Саха сиригэр халаан уутуттан эрэгийиэннээҕи ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ биллэриллибитэ. Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан эмсэҕэлээбиттэргэ харчынан биир кэмнээх көмө оҥоруу кээмэйэ 4 төгүл үрдээбитэ.  Ыксаллаах быһыыны-майгыны суох оҥорууга уонна саахал содулларын туоратыыга резервнэй пуондаттан үп-харчы тыырыллар. Ити сыалга 300 мөл. солк. тахса үп-харчы көрүллүбүтэ.

Видео: Нам улууһун дьаһалтата

What’s your Reaction?
+1
2
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Социальнай пуонда биэнсийэни уонна оҕо босуобуйатын эрдэ төлүөҕэ

Социальнай пуонда Саха сиринээҕи салаата биллэрбитинэн, 2025 с. тохсунньу ыйдааҕы биэнсийэни уонна босуобуйаны түҥэтии болдьоҕо…

28 минут ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Моҕой сыла хайдах буолуой?

Кэлэн иһэр 2025-с Моҕой сыла, астрологтар этэллэринэн, икки өрүттээх буолуоҕа: сорохторго ситиһии, үтүө уларыйыылар тосхойуохтара,…

1 час ago
  • Сонуннар

Махталбын биллэрэбин

Олохпун, үлэбин кэрэ абылаҥнаах үҥкүүгэ анаабыт кэрэ кэмнэрим дьонугар уонна кэнники аттыбар буолан олохпун күн…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саҥа дьыллааҕы бит-билгэ

Хантан кэлбитэ, ким айбыта биллибэт эрээри, Саҥа дьыл бэйэтэ туспа үгэстээх, биттээх-билгэлээх. Сорох дьон маны…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мас ууһун идэтин баһылаабыт уол олоҕор толору бэлэмнээх буолар

Бу күннэргэ Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугар мас ууһун уонна кыра массыыналары көрүү-истии, өрөмүөннээһин сатабылларын төһө иҥэриммиттэрин…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Сунтаарга буокса күрэһэ

Сунтаарга бу күннэргэ үс күн устата Алквиад Иванов аатынан Оҕо спортивнай олимпийскай эрэллэри бэлэмниир оскуолаҕа…

5 часов ago