Салгыы
Мэҥэ Хаптаҕайыгар аһаҕас халлаан анныгар ЯК-9 байыаннай сөмөлүөт макыата оҥоһулунна

Мэҥэ Хаптаҕайыгар аһаҕас халлаан анныгар ЯК-9 байыаннай сөмөлүөт макыата оҥоһулунна

15.05.2025, 19:45
Хаартыска -- Савва Иванов.
Бөлөххө киир:

Кэлиҥҥи кэмҥэ айылҕаттан айдарыылаах сатабыллаах саха дьоно мастан, муустан, тимиртэн араас оҥоһуктары оҥорон соһутар буоллулар.

Быйыл Арассыыйаҕа Аҕа дойдуну көмүскээччи,  Саха сиригэр Ийэ дойдуну көмүскээччи, Улуу Кыайыы 80 сылларыгар анаан Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай нэһилиэгин олохтооҕо Савва Иванов Аҕа дойду Улуу сэриитин саҕанааҕы номоххо киирбит ЯК-9 сөмөлүөт макыатын оҥорбутун туһунан сурах өрөспүүбүлүкэ устун  тилийэ көттө.

«Ыаллыы нэһилиэктэргэ эмиэ Улуу Кыайыыга туһуламмыт Аҕа дойду Улуу сэриитин тиэхиньикэлэрин макыаттара үгүс. Ол курдук, Аллараа Бэстээххэ – тааҥка, Майаҕа – бууска, Павловскайга – “Катюша”. Үбүлүөйдээх улахан тэрээһиннэргэ дьон көрдүн диэн бу нэһилиэктэр салалталара айан трассатын аттыгар туруоран кэбиһэллэр. Аны биһиэхэ, Хаптаҕайга, ЯК-9 истребитель-сөмөлүөт туруоҕа«, — диэн саха сатабыллаах тимир ууһа санаатын үллэһиннэ.

«Саха сирэ» хаһыат сарсыҥҥы  бээтинсэтээҕи нүөмэригэр аһаҕас халлаан анныгар тимир ууһа оҥорон таһаарбыт байыаннай сөмөлүөтүн макыатын туһунан матырыйаалы «Сатабыл» рубрикаҕа ааҕыҥ.

Бары сонуннар
Салгыы
16 мая
  • 2°C
  • Ощущается: -2°Влажность: 97% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: