Хаартыска -- Савва Иванов.
Кэлиҥҥи кэмҥэ айылҕаттан айдарыылаах сатабыллаах саха дьоно мастан, муустан, тимиртэн араас оҥоһуктары оҥорон соһутар буоллулар.
Быйыл Арассыыйаҕа Аҕа дойдуну көмүскээччи, Саха сиригэр Ийэ дойдуну көмүскээччи, Улуу Кыайыы 80 сылларыгар анаан Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай нэһилиэгин олохтооҕо Савва Иванов Аҕа дойду Улуу сэриитин саҕанааҕы номоххо киирбит ЯК-9 сөмөлүөт макыатын оҥорбутун туһунан сурах өрөспүүбүлүкэ устун тилийэ көттө.
«Ыаллыы нэһилиэктэргэ эмиэ Улуу Кыайыыга туһуламмыт Аҕа дойду Улуу сэриитин тиэхиньикэлэрин макыаттара үгүс. Ол курдук, Аллараа Бэстээххэ – тааҥка, Майаҕа – бууска, Павловскайга – “Катюша”. Үбүлүөйдээх улахан тэрээһиннэргэ дьон көрдүн диэн бу нэһилиэктэр салалталара айан трассатын аттыгар туруоран кэбиһэллэр. Аны биһиэхэ, Хаптаҕайга, ЯК-9 истребитель-сөмөлүөт туруоҕа«, — диэн саха сатабыллаах тимир ууһа санаатын үллэһиннэ.
«Саха сирэ» хаһыат сарсыҥҥы бээтинсэтээҕи нүөмэригэр аһаҕас халлаан анныгар тимир ууһа оҥорон таһаарбыт байыаннай сөмөлүөтүн макыатын туһунан матырыйаалы «Сатабыл» рубрикаҕа ааҕыҥ.
Сахабыт сирин агрооскуолалара сылын ахсын оҕуруот аһын арааһын олордоллор, оскуолаларын дьэрэкээн сибэккинэн симииллэр. Олортон биирдэстэринэн…
Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа үс ойуур баһаарын умуруордулар. Уот хаппыт уопсай иэнэ 1 596 га. Бу…
Арассыыйаҕа балаҕан ыйын 1 күнүттэн суол быраабылаларыгар уларытыылар олоххо киириэхтэрэ, оҕо кириэһилэтигэр ирдэбил кытаатыаҕа. Быраабы…
Ый бэлиэтэ -- Суор ойуута. Суор -- ытык көтөр. Итэҕэл үөрэҕинэн, бу ыйга сиргэ Улуу…
Норуот синоптига Тускул билгэлииринэн, быйыл Саха сиригэр «Дьахтар сайына» балаҕан ыйын 6-14 күннэригэр кэлиэҕэ. Тускул…
Күндү учууталлар, үөрэнээччилэр, педагогическай үлэ бэтэрээннэрэ, төрөппүттэр! Ис сүрэхпиттэн биһиэхэ барыбытыгар дьоһун суолталаах Билии күнүнэн…