Мэҥэ Хаҥалас улууһун Мэлдьэхси нэһилиэгэр СӨ үтүөлээх артыыһа, Аан дойду виртуоз хомусчута, Аан дойду култууратын маастара, М.Н. Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы музыкальнай кэллиэс төрүт култуура толорор ньымаларыгар уһуйуу салаатын уһуйааччыта Варвара Степанова-Арчыына сайыҥҥы сынньалаҥар дойдутугар төрүт култуура толорор ньымаларыгар уһуйаан аһан үлэлэттэ.
«Уһуйаан бэс ыйын 17-21 күннэригэр бастакы түһүмэҕэр Эстонияттан кэлэ сылдьар ыалдьыт Снежана Бадрицкая, Чурапчыттан төрүттээх, Аллара Бэстээххэ олохсуйбут Матрена Попова уонна А. Кривогорницын аатынан Мэлдьэхситээҕи норуот айымньытын салайааччыта Матрена Сыромятникова кыттыыны ылан, төрүт үгэскэ үөрэннилэр. Бу уһуйааҥҥа кэлбит кыттааччылар саха балаҕаныгар хоно сытан төрүт өбүгэбит үтүө үгэстэригэр уһуйулуннулар. Ырыаны-тойугу, хомуска оонньооһуну таһынан иис абылаҥар ылларан, кыбытыктаах тигии ньыматынан олбох тигиннилэр, бытырыыстаах былаат оҥоһуннулар уонна суһуох симэҕин оҥостон илдьэ бардылар.
Сайыҥҥы уһуйаан иккис түһүмэҕэ от ыйын 8-12 күннэригэр ыытылынна. Манна Саха сирин араас улуустарыттан далбар хотуттар мустан үөрэннилэр. Бары биир эйгэ дьонун быһыытынан, биир ситим буолан, олус көхтөөхтүк дьарыктаннылар. Бу сырыыга иис-уус абылаҥар Мэҥэ Хаҥалас улууһун норуотун маастара Арчыына ийэтэ Маргарита Степанова үөрэттэ. От ыйын 11 күнүгэр Бэдьимэҕэ мелодист Валерий Ноев 85 сылыгар аналлаах улуустааҕы «Айар айан» бырайыакка кыттыһан, Леонид Колесов тылыгар, Арчыына матыыбыгар “Үчүгэйиэн сайылыгым” ырыаны бөлөҕүнэн үөрэтэ охсон, баян доҕуһуолунан толордулар. Баяҥҥа доҕуһуоллаата СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Николай Стручков. Уһуйаан кыттыылаахтара Валерий Ноев «Мин дууһам ыллыыр» диэн ырыатын күргүөмүнэн толорууга кыттан клипка үйэтилиннилэр.
Уһуйаан бу сылга түмүктүүр үһүс кэрчигэ от ыйын 15-19 күннэригэр буолан ааста. Саха хомуһун үксүлэрэ сатыыр дьон дьоҕурдарын сайыннардылар, тойук туойарга холоннулар, мааны наҕыл куоластаах кэрэ аҥардар ис дууһаларыттан сахалыы ырыаны сарсыардаттан ньиргиттилэр.
Мэҥэ Хаҥалас улууһун норуот маастара Маргарита Степанова төрүт иис кистэлэҥнэригэр үөрэттэ — кыбытык тигии ньыматынан инньэлик тигиннилэр, бытырыыстаах былаат баанан саҕалаатылар, силигин ситэрэ хас биирдии кыттааччы дьиэтигэр илдьэ барда. СӨ норуот маастара Анисия Федорова — АанИисИйэ суһуох симэҕин оҥорууга үөрүйэҕин үллэстэн, бука бары суһуох симэхтээх тарҕастылар. От ыйын 17 күнүгэр мелодист Валерий Ноев төрөөбүтэ 85 с аналлаах улуустааҕы кэрийэ сылдьар «Айар айан» бырайыак Мэлдьэхси нэһилиэгэр кэлбитинэн, нэһилиэк олохтоохторугар төрүт үгэс буолбут ырыалаах тардыыны хомуһунан иһитиннэрдилэр. Оһуохай түөлбэнэн араастарынан үҥкүү тылын этэргэ холоннулар.
Бу аан бастакытын ыытыллыбыт төрүт үгэскэ үөрэтэр сайыҥҥы уһуйаан кыттыылаахтарыгар ситиһиини, дьолу, чэгиэн-чэбдик туругу баҕарабыт!».
Ити курдук, култуура уонна духуобунас сайдыытын миниистирэ Афанасий Ноев бэйэтин ttps://t.me/afanasiy_noev телеграм-ханааалыгар сырдатта.