Мэҥэдьэк нэһилиэгэр «Дьөһөгөй оҕото» түмэл үбүлүөйдээтэ
Быйыл сахаларга Дьөһөгөй Айыы сыла. Бу дьыл түмүктэнээри турдаҕына, «Айар» кинигэ кыһатын көҕүлээһининэн кый ыраах Күөх Ньурба уһук бөһүөлэгэр Хатыыга айаҥҥа туруннубут.
Ахсым «тимир акка» «Айар» кыһа дириэктэрэ Август Егоров, дириэктэри солбуйааччы Валерий Луковцев, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Саргылана Гольдерова-Саргы Куо уонна СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Василий Гоголев-Уйулҕан, суоппарбыт Василий Шелковников буоламмыт сындалҕаннаах айаҥҥа туруммуппут.
Сорукпут — устуоруйа билимин дуоктара Егор Егорович Алексеев аатын сүгэр Мэҥэдьэктээҕи «Дьөһөгөй оҕото» түмэл төрүттэммитэ 30 сыллаах үбүлүөйүгэр кыттыыны ылыы. Бу түмэли СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, айылҕаттан дэгиттэр айдарыылаах Иван Яковлевич Таҥхаарап тэрийбит.
Хатыы былыргы үйэлэр быралыйар мындааларыттан саха бөдөҥ, модьу-таҕа сылгытын ууһатан, мэҥэдьэк боруодатын төрүттээбит сиринэн биллэр. Ол да иһин, түмэллэрин «Дьөһөгөй оҕото» диэн ааттаатахтара.
Манна даҕатан эттэххэ, нэһилиэк «Хатыы» холкуоһун Аҕа дойду сэриитин аас-туор сут сылларыгар биир да киһини хоргутан өлөрбөтөх, уордьаннаах холкуос бэрэссэдээтэлэ Егоров Иона Семенович-Уһун Дьуона салайбыта. Ол туһунан «Хаҥаластан хааннаахтар, Тигиилээхтэн төрүттээхтэр. Уһун Дьуона» диэн историческай арамааны суруйбутум. Бу түмэлгэ Мэҥэдьэк сылгытын үөскэтии туһунан уонна нэһилиэк түҥ былыргытыттан саҕалаан, сүүрбэһис үйэ ортотугар диэри уус-ураннык ойуулаан суруйбут кэмнэрбэр туттуллубут сэп-сэбиргэл, мал-сал, иһит-хомуос, атын араас экспонат, нэһилиэк аҕа уустарын төрүччүтэ, чулуу дьоннорун туһунан матырыйаал барыта мунньуллубут.
Суоппарбыт эрчимнээх табаҕайынан эрийитэ тутан, тоҕус уон көһү уончака чааһынан айаннатан, Ньурбаҕа үктэммиппит. Сарсыҥҥы күнүгэр Мэҥэдьэк түмэлин үөрүүлээх тэрээһинигэр күүтүүлээх ыалдьыттар буолан тиийдибит. Саха сиригэр Элгээйи, Кэнтик түмэллэрин таһымыттан итэҕэһэ суох олус баай, элбэҕи кэпсиир истиэндэлэрдээх, экспонаттардаах түмэлгэ бастаан саха балаҕаныгар киирэр эбиккин. Балаҕан иһигэр улахан көмүлүөк оһох таһыгыраччы күүдэпчилэнэн, сылааһынан уруйдуу көрүстэ. Таһыттан киирбит дьон үгэс быһыытынан аал уоппут иччититтэн араҥаччылыырыгар эһэкээммитин арыылаах алаадьынан аһатан көрдөстүбүт. Нэһилиэк олохтоох далбар хотуттара, эбэлэрэ арыылаах алаадьынан, итиргэ сууланан буһарылла турар үтэһэлээх быарынан, кырылыы кыынньар Мэҥэдьэк биэтин кымыһынан айах тутан, олохтоох уус уолаттар бэйэлэрэ оҥорбут кырыымпаларынан оонньоон сөхтөрөн көрүстүлэр. Салгыы баһылык Леонид Александрович Николаев, Ньурба улууһун баһылыгын бастакы собуйааччы Василий Николаевич Семенов, Ньурба култуураҕа департаменын салайааччыта Розалия Михайловна Тихонова, «Айартан» Август Васильевич Егоров эҕэрдэ тылларынан дьоро тэрээһини арыйдылар. Салгыы түмэли иилээн- саҕалаан үлэлэтэ сылдьар Александра Кириллина ыалдьыттары түмэл абылаҥнаах, кистэлэҥнээх таайыллыбат эйгэтин кытары билсэргэ ыҥырда.
Түмэл сүрүн салааларынан тарҕаһан турар оскуола үөрэнээччилэрэ, төрөөбүт нэһилиэктэрин туһунан чоргуччу кэпсээн кэккэлэттилэр. Мэҥэдьэк сиригэр бастаан кэлэн түөрэх быраҕан аҕа ууһун тэниппит Түүлээх дүҥүрдээх Төлүөн Ойуун, Дэгэпчи Хаҥалас, тигиилээх сирэйдээх Кытархай хоһуун төрүччүлэрин сиһилии сырдаттылар. Ол курдук, бииртэн биир дьиктилээх чахчылары сэргээн иһиттибит. Онтон Хатыы уһуйаанын иитиллээччилэрэ, кырачаан гидтэр эмиэ бэрт сэргэх кэпсээннээх буолан биэрдилэр. Бу түмэлгэ оҕону кыра эрдэҕиттэн сатаан кэпсииргэ, санааларын сайа этэргэ үөрэтэллэрэ олус кэрэхсэбиллээх эбит. Кырачааннар барахсаттар кимнээҕэр чобуотук туттан-хаптан кэпсииллэрэ олус үчүгэй.
Түмэл балай да киэҥ гынан баран көрдөрүүгэ турар мал-сал, истиэндэлэр, баппакка симиллэ ууруллубуттар эбит. Бу үлүгэрдээх элбэх көрдөрүүгэ турар араас былыргы улахан чорооннор, кытахтар, туос ыаҕыйалар аллара муостанан ууруллубуттар. Ону сэргэ малларга былыргы кыргыс үйэтинээҕи охтор, эҥин тэриллэр кичэйэн хараллан тураллар. Манна туран, Кытархай хоһуун уола тоҕус саастаах Күтэмэй аарыма эһэни айахха ытан өлөрбүт ох саата баар буолуон сөп дии саныыгын. Эбэтэр Хатыы Боотур кыргыспыт батыйата, үҥүүтэ баар буолуохтарын сөбүгэр итэҕэйдим. Өбүгэ сэбэ-сэбиргэлэ, булдун тэрилэ дэлэйдик көрдөрүүгэ тураллар. Дөһөгөй оҕото куттаах түмэл буоларын быһыытынан, чаппараахтаах, симэхтээх үрүҥ ат чуучалата турара Дайыла Күөгэлэп диэн 700 сүөһүлээх баай анаан ыспыт ыһыаҕар, Бастакы Бордоҥҥо көскө ыытыллыбыт саха норуотун чулуу киһитин Баһылай Манчаарыны ыҥыран, маанылаан ыалдьыттатан баран, бэлэхтээбит үрүҥ көмүс симэхтээх ыҥыырдаах, үрүмэччи маҥан атын санатар. Ол курдук, ат тэрилэ, хатыс быалар, бу Мэҥэдьэк тардыылаах сылгыларыгар, ыраах Алдаҥҥа хас эмэ сүүһүнэн көскө таһаҕас көтөҕүүтүгэр туттуллубуттара арылхайдык арыллар. Уһун Дьуона сут-кураан сылларыгар салайбыт «Хатыы» холкуоһун сэргэ, ыаллыы холкуостар олохторун-дьаһахтарын арыйар истиэндэлэр, карталар сиһилии көрдөрүүгэ туруоруллубуттар. Ити курдук, «Дьөһөгөй» оҕото түмэлтэн ыалдьыттар олус элбэҕи билэн-көрөн астыннылар.
Аны И. Я. Таҥхаарап аатынан Култуура сынньалаҥ киинигэр түмэлгэ күүс-көмө буолбут, үлэлэспит уонна нэһилиэк актыыба, айар талааннаахтара, үлэ бэтэрээннэрэ, биллэр-көстөр дьонноро ыҥырыллан, толору сахалыы баай-талым астаах сандалылары тула олорон, эҕэрдэ тэрээһини салгыытын көрдүбүт. Эҕэрдэ, махтал суруктары туттарыы быыһыгар Хатыы айдарыылаах ыччата «Мөһөөхтөр», «Бытархайдар» ВИА эрчимнээх ырыаларын тардан кэбистилэр. Аны кырыымпа оҥорор уус уолаттар уонна кыргыттар дьиктилээх өбүгэ дьүөрэлин тыаһатан, өбүгэлэрбит олорон ааспыт олохторугар тиийэ сылдьыбыт курдук сананныбыт. Бииртэн биир сонун нүөмэрдэр дьоро киэһэни киэргэтэн истилэр. Манчаары Ксенофонтов бэйэтэ оҥорбут кырыымпатын тыаһын ордук сэргээтим. Аата да ылбычча аат буолбатах, Манчаары диэн, олус астынным итнник ааттаах эдэр киһини көрсөммүн.
Аны түмүккэ арамааны ырытан, ааҕааччылар биһирэбиллэрин, махталларын биллэрдилэр. Кинигэбин хайдах суруйбутум туһунан сиһилии билиһиннэрдим. Бу Хатыы хоһуун салайааччыта Уһун Дьуона курдук дьон ааттара кэнэҕэски көлүөнэлэргэ үйэтийиэхтээҕин, маннык чулуу дьоннор норуоттарын харааннаабыттарын, аныгы да салайааччыларга оннук бас-көс салайааччылар баар буолалларыгар баҕа санаабын эттим.
Ити курдук олус иһирэх, үрдүк тэрээһиннээх дьоро киэһэ Мэҥэдьэк, Хатыы нэһилиэгэр буолан ааста.
Василий ГОГОЛЕВ-УЙУЛҔАН, прозаик
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: