Намҥа Н.С.Охлопков аатынан улуустааҕы гимназия дьоҕурдаах оҕолору сайыннарар сыаллаах-соруктаах тэриллибитэ. Педагогическай кэлэктиип сыл ахсын үөрэнээччилэри олимпиадаларга, күрэстэргэ бары кыһамньытын, улахан болҕомтотун ууран тиһиктээхтик бэлэмниир.
Үлэ ситиһиилээх буоларыгар улуус баһылыга Юрий Иннокентьевич Слепцов болҕомтотун уурар. Кини көҕүлээһининэн бу кыһаҕа салайар идэҕэ туһаайыллыбыт «Менеджер-PROF» диэн экспериментальнай кылаас аһыллыбытf. Манна салайар үлэҕэ каадыры үүннэриини оскуолаттан саҕалыырга, онуоха эрдэттэн былааннаахтык ылсан бырагыраама оҥорон тиһиктээхтик үлэлэһэргэ сыал-сорук туруоруллубут.
Манна хамаандаҕа уопсай тылы буларга, бырайыактары салайарга, сыал-сорук туруорарга уонна ону эргиччи көрөн, көстүөн сөптөөх уустуктары учуоттуурга, ону туоратарга, сөптөөх толкуйу тобуларга, былааны оҥорорго такайаллар. Оҕолор үлэлэрин түмүгүн ырыта, сыаналыы үөрэнэллэр. Оттон үөрэнээччилэри сүүмэрдииргэ оҕо уонна төрөппүт баҕата, ону сэргэ, оскуола дириэктэрин, нэһилиэк баһылыгын мэктиэ суруктара учуоттаналлар.
Элбэх үлэ ыытыллыбытын түмүгэр, аан бастаан 2019 сыллаахха улуус оскуолаларыттан 12 оҕо талыллан, «Менеджер — PROF» кылааска киирбит. Бу оҕолор сүрүн үөрэх кэнниттэн эбии дьарыкка бырайыагынан үөрэнэллэр. Лидер хаачыстыбатын сайыннарыыга, салайар үөрүйэҕи, дьоҕуру иҥэриигэ такайыллаллар. Ону сэргэ, нэһилиэктэриттэн саҕалаан («Клуб путешественников») устуоруйаны үөрэтэн, билиилэрин-көрүүлэрин хаҥаталлар. Английскай тылы дириҥэтэн үөрэтэри, дьон-сэргэ иннигэр толлубакка үчүгэйдик саҥарар-иҥэрэр наада диэн араатардыыр искусствоҕа дьарыктаныыны оҕолор олус сөбүлээбиттэр, сэргээбиттэр. «Арассыыйа – мин устуоруйам» бырайыагынан Санкт-Петербурга, Москваҕа сылдьан, Арассыыйа устуоруйатын билиһиннэрэр айаны сэҥээрбиттэр. Итини таһынан үөрэх, дьарык элбэҕэ этиллэр.
Үлэни кэҥэтэр соруктаах быйыл салайар идэҕэ туһаайыллыбыт саҥа кылаас эбии арыллыбыт. Манна ахсыс кылааска улуус оскуолаларыттан сүүмэрдэнэн, 8 кыыс, 12 уол, барыта 20 оҕо киирбит. Кылааһы үрдүк квалификациялаах учуутал, үөрэҕирии туйгуна, английскай тыл учуутала Людмила Николаевна Павлова салайар.
Үлэни өссө сайыннарар соруктаах Ярославль куораты кытта дуогабар түһэрсибиттэр. Онон оҕолору Пастухов аатынан промышленнай менеджмент академиятыттан (Пастухов академията) преподавателлэр ыраахтан олорон модульнай хайысханан үөрэтиилэрэ саҕаламмыт. Манна судаарыстыба уонна быраап, салайааччы хайдах буолуохтааҕый диэн, уо.д.а. үөрэтэллэр.
Гимназия кэлэктиибэ оҕолор үөрэнэн, идэ ылан баран төрөөбүт сирдэригэр-уоттарыгар үлэлиэхтэрэ, дойдуларын сайыннарыахтара диэн эрэнэллэр. Бырайыак сүрүн сыала-соруга онно туһаайылларын уонна ол туһалаах буолуоҕун бэлиэтииллэр.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…