Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтигэр «Мэҥэ Хаҥалас улууһугар гражданскай өрөбүллэр» бырайыак чэрчитинэн «НКО Якутии – вместе вперед!» уопсастыбаннай десант үлэлээтэ.
Манна улуус тэрилтэлэриттэн, уопсастыбаннай тэриллиилэртэн, коммерческайа суох тэрилтэлэртэн, түөлбэлэртэн уопсайа 140-тан тахса киһи кыттыыны ылла.
Уопсай мустууга Муниципальнай оройуоннарга өрөспүүбүлүкэтээҕи ресурснай киинтэн Майя Дмитриева гражданскай уопсастыбаҕа уонна территориальнай уопсастыбаннай бэйэни салайыныыга көрүллэр СӨ Баһылыгын Гранын туһунан, «Харысхал» аһымал пуонда салайааччыта Елизавета Зарубина, СӨ Оҕолор уонна ыччат социальнай көҕүлээһиннэрин өйүүр ресурснай киин салайааччыта Геннадий Охлопков, «Стимул» уопсастыбаннай тэриллии бэрэссэдээтэлэ Татьяна Тырылгина, социальнай бырайыактары салайыы уонна олоххо киллэрии, «Мин бизнеһим» киин Мэҥэ Хаҥалас улууһун салаатын салайааччыта Зоя Егорова өрөспүүбүлүкэҕэ орто уонна дьоҕус урбааны сайыннарыыга туһуланар бырагыраамалар уонна өйөбүллэр тустарынан сиһилии кэпсээтилэр.
Күн устата үс былаһаакканан киэҥ далааһыннаах үлэ ыытылынна. Ол курдук, «Судьба человека: патриотическое воспитание» диэн былаһааккаҕа «Кыталык» уопсастыбаннай кииҥҥэ СӨ Аҕа дойду буойуттарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Альбина Винокурова байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэрин кытта көрсөн аһаҕас кэпсэтиини ыытта. Итэҕэл балаҕаныгар алгысчыт, психолог, СӨ култууратын туйгуна Тайаана Никифорова дьиэни-уоту көмүскүүр харысхалы кырыйан ылыыга маастар-кылаас тэрийдэ. «Дьол түһүлгэтэ» уопсастыбаннай кииҥҥэ «Уопсастыбаннай кэтээн көрөөччүлэр» диэн былаһаакка үлэлээтэ. Манна СӨ уопсастыбаннай балаататын чилиэнэ, уопсастыбаннай кэтээн көрөөччүлэр ыстааптарын преподавателэ Надежда Зайкова уопсастыбаннай сэбиэт чилиэттэрин кытта көрүстэ, кэтээн көрөөччүлэргэ сэминээр ыытта.
«Гражданскай уопсастыбаны сайыннарыы» былаһааккаҕа Муниципальнай оройуоннарга өрөспүүбүлүкэтээҕи ресурснай киинтэн Дайаана Васильева уонна «Стимул» уопсастыбаннай тэриллии бэрэссэдээтэлэ Татьяна Тырылгина социальнай бырайыактааһын туһунан боростуой, тиийимтиэ тылынан быһааран биэрдилэр. Ону тэҥэ, бырайыактар экспертизаҕа киириилэрин бэлэмнээһин туһунан уонна инбэлиит оҕолоохторго тус көрсүһүүлэр тэрилиннилэр диэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Култуура киинэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Аллараа Бэстээххэ тутулла турар. Үлэ хаамыытын Саха сирин бастакы вице-премьерэ…
СӨ үбүн министиэристибэтэ "Арассыыйа - мин историям" түмэлин пуондатыгар байыаннай дьайыы эспэнээттэрин туттарда. Манна байыаннай…
Бүгүн Саха сирин бастакы вице премьерэ Дмитрий Садовников Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар "Дьиэ-уот уонна куорат эйгэтэ"…
Киһиэхэ иэримэ дьиэтэ, сылаас уйата саамай хаххата, олоҕун биир сүрүн сорҕото буолар. Хас биирдии дьиэ…
Аллайыаха улууһун Быйаҥныыр нэһилиэгин сиригэр-уотугар быйыл бөрөлөр биллэн эрэллэр. Бу адьырҕалар кэтэх хаһаайыстыбалар сылгыларын үрүө-тараа…
... Кини математикаҕа Биир кэлим эксээмэнин (ЕГЭ) кыайан туттарбакка, күһүн кэлэн туттарарга мэктиэлэммит. Ол эрээри…