Бэс ыйын 18 күнүгэр Тараҕай нэһилиэгэр ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, улуу олоҥхоһут Иннокентий Бурнашев-Тоҥ Суорун 155, Саха АССР норуотун маастара, тимир ууһа Семен Гоголев-Амынньыкы уус 110, Иван Слепцов-Иван Арбита 110, Тараҕай нэһилиэгэ төрүттэммитэ 255 сылларыгар аналлаах «Ырыа куттаах Табаҕа Олоҥхону уруйдуур!» улууспутугар 11-с төгүлүн тэриллэр Олоҥхо ыһыаҕа икки күн өрө көтөҕүллүүлээхтик, үтүө түмүктээхтик ыытылынна.
Ол туһунан Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Ыһыах үөрүүлээх чааһа Тоҥ Суорун «Сылгы Уола Дыырай Бухатыыр» олоҥхотунан театрализованнай дьүһүйүүттэн саҕаланна.
Олоҥхо ыһыаҕын киэҥниир айыы түһүлгэтигэр тоҕуоруһа мустубут дьон иһийэн туран Спиридон Григорьев-Илгэлээх Испиридиэн алгыс тылларын иҥэринэ иһиттилэр, алгыстаах кымыс үрдүн охторон сиэри-туому толордулар, добун оһуохайга кыттыстылар.
Улуус баһылыгын социальнай уонна имидж бэлиитикэтигэр солбуйааччы Альбина Григорьева нэһилиэк биллэр-көстөр, туруу үлэһит дьонугар нэһилиэк, улуус, өрөспүүбүлүкэ наҕараадаларын туттарда. Ону тэҥэ Василиса уонна Дмитрий Слепцовтарга ыал буолан бииргэ олорбуттара 50 сылынан, оҕолорун иитиигэ уһулуччу ситиһиилэрин иһин «Ытык ыал» Бочуот кинигэтигэр киирбиттэрин туоһулуур суругу туттарда.
Ил Түмэн тыа сиригэр уонна аграрнай бэлиитикэҕэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Находкин олохтоохтору эҕэрдэлээн туран Ил Түмэн бочуоттаах грамоталарынан наҕараадалаата.
А.Е. Кулаковскай — Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин Олоҥхо киинин сүрүннүүр исписэлииһэ Ульяна Флегонтова СӨ Олоҥхо иккис уон сыллаах эргиирин ыытар, тэрийэр национальнай кэмитиэт махтал суруктарын туттарда.
Саха төрүт үгэстэрин, оҥоһуктарын сөргүтүүгэ, үөрэтиигэ, тарҕатыыга кылааттарын киллэрбит олохтоохторго СӨ уус-уран оҥоһуктарын маастара, Мэҥэ Хаҥалас улууһун сатабыллаах маастара үрдүк ааттары улуус култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга салалтатын салайааччыта Анна Исакова туттарда.
«Саха» НКИК хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Олег Марков Тараҕай нэһилиэгэр самаан сайын салаллан кэлбитинэн сахалыы тыллаах ойуулук хомуурунньугун бэлэх уунна.
Нэһилиэк баһылыга Юрий Порядин ыһыах тэриллиитигэр сүүрэн-көтөн тэрийсибит дьонугар-сэргэтигэр махтанан туран нэһилиэк социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар киллэрсибит кылааттарын иһин «Тараҕай нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо» ааттары, Табаҕа төрүттэммитэ 250-сылынан, «Уол Табаҕа» бочуот бэлиэлэрин, нэһилиэк баһылыгын бочуоттаах грамоталарын, махтал суруктарын туттарда.
Ким этэҥҥэ сылдьыан, уһун үйэлэниэн баҕарбат буолуой? Бары да уһуннук, дьоллоохтук олорору сэргиир, сэҥээрэр буоллахпыт.…
Дьааҥы улууhугар Табалаахха оҕо уhуйааныгар "Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар үгэстэригэр уhуйуу - төрөөбүт дойдуга бэриниилээх…
Быйылгыттан Саха сиригэр Ил Дархан Айсен Николаев өйөбүлүнэн “Мин бастакы идэм” диэн үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин…
Быйыл балаҕан ыйын 3-6 күннэригэр диэри Владивосток куоракка Уһук Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум буолан ааспыта. Онно…
Бүтүн Арассыыйатааҕы "Родители онлайн" пуорумҥа кыттыы -- улахан чиэс... Өссө төрөппүт быһыытынан! Оҕону - төрөппүт…
Тыйыс тымныылаах, хахсаат тыаллаах Саха сиригэр ордук кыстыкка киирии үгүс кыһалҕалаах буолар. Тыал, сиик, онтон…