Салгыы
Мэҥэлэр байыаннай дьайыыга көмө аахсыйа ыыталлар

Мэҥэлэр байыаннай дьайыыга көмө аахсыйа ыыталлар

15.03.2024, 19:56
Хаартыска Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспатыттан
Бөлөххө киир:

Мэҥэ Хаҥалас улууһун «Түмэн» уопсастыбаннай холбоһук байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан байыастарбытыгар анаан оҥоһуктары оҥорон, таҥас кэмпилиэктэрин тигэн, суорҕан, чүмэчи, харысхал оҥорууга, ситими өрүүгэ аахсыйалары тэрийэн туох кыах баарынан куруутун улахан көмө буолар.

Бэҕэһээ «Собо» аахсыйаны биллэрэн, уолаттарбыт балык миинэ оҥостон төрөөбүт дойдуларын аһа күүстэригэр күүс эптин диэн уон куул балыгы ыраастаан, хатаран, бороһуокка кубулутан, чэй курдук бакыаттаан бэлэмнии сылдьаллар.

Бу аахсыйаҕа Табаҕа оскуолатын үлэһиттэрэ, Акулина Устинова, Сергей Куличкин, биирдиилээн үтүө санаалаах дьон собо аҕалан туттарбыттарыгар, Майа нэһилиэгин уһуйааннарын кэлэктииптэрэ балыгы хатаран, биирдии бакыакка суулаан, көмө буолалларыгар махталларын тиэрдэллэр диэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Ону таһынан оҕолор суруйбут суруктарын, саа уоһугар хахтары, чэйдэри, ыраастанарга аналлаах оту, окуопа чүмэчилэрин бэлэмнээбиттэр.

Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтата үтүө санаалаах дьонун «Түмэн» түмсүү үлэтигэр кыттыһан күүс-көмө буолалларыгар ыҥыраллар.

+1
4
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: