Салгыы
Мэҥэлэр Олоҥхо ыйын түмүктээтилэр

Мэҥэлэр Олоҥхо ыйын түмүктээтилэр

Ааптар:
07.12.2023, 09:00
https://t.me/meginokangalasskiy
Бөлөххө киир:

Ахсынньы 6 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Д.Ходулов аатынан Култуура киинигэр Олоҥхо ыйын түмүктүүр айар талаан, уран тыл дьоро түһүлгэтэ тэрилиннэ диэн улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Тэрээһин уратытынан
Алтайтан, Башкортостантан, Казахстантан, Кыргызстантан, Хакасияттан кэлэ сылдьар
«Аан дойду эпостара Олоҥхо дойдутугар» диэн регионнар икки ардыларынааҕы кэмпириэнсийэ уонна бэстибээл ыҥырыылаах ыалдьыттара буоллулар.

Бу регионнар икки ардыларынааҕы пуорум тэрийээччилэринэн, көҕүлээччилэринэн Г.Колесов аатынан Олоҥхо дьиэтэ уонна
улуус култуураҕа салалтата буолаллар.

Ыраахтан кэлбит ыалдьыттар барыта үрдүк таһымҥа ыытыллыбытын, сөхпүттэрин-махтайбыттарын иһитиннэрдилэр.

Улуус баһылыгын тутуу боппуруостарыгар солбуйааччы Василий Филиппов Олоҥхо ыйа сүрдээх тэрээһиннээхтик, киэн далааһыннаахтык ыытыллыбытын бэлиэтээн туран ыалдьыттарга интэриэһиргээн, сэҥээрэн кэлэн кыттыыны ылбыттарыгарыгар баһылык махтал суруктарын, өйдөбүнньүк бэлэхтэрин туттарда Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата суруйда.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
28 ноября
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: