Салгыы
Мэҥэлэр Судаарыстыбаннай былаах күнүгэр субуотунньуктаатылар

Мэҥэлэр Судаарыстыбаннай былаах күнүгэр субуотунньуктаатылар

Ааптар:
23.08.2024, 13:30
https://t.me/dmitriytikhon0v
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ, Судаарыстыбаннай былаах күнүгэр, Мэҥэ Хаҥалас дьаһалтатын эр дьоно «Чүүйэ» улуустааҕы тэрилтэ ходуһатын күрүөлүүргэ баҕаналарын бэлэмнээһиҥҥэ субуотунньук тэрийдилэр. Бу туһунан улуус баһылыга Дмитрий Тихонов иһитиннэрдэ.

— «Ынах үүтэ тылыгар» диэн өбүгэлэрбит бэргэн этиилэрин тутуһан, бурдук үүннэрэн, эбии аһылыгы бэлэмнээн, биирдии ынахтан тахсар ыанар үүт кээмэйин элбэтэн, дьоммут-сэргэбит үрүҥ аһылыгынан сылы эргиччи аһыылларын тэрийии сүрүн сорукпут буолар. Былырыын, улуус үрдүнэн тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар барыта 34 км кэриҥэ күрүөнү оҥорбут эбит буоллахтарына, быйылгы дьылга 60 км күрүө оҥоһуллара былааҥҥа киирэн турар. Уолаттарбар таһаарыылаах үлэ иһин махтанабын! Норуот күүһэ — көмүөл күүһэ!, — диэн баһылык телеграмҥа ханаалыгар  суруйда.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 октября
  • -1°C
  • Ощущается: -6°Влажность: 80% Скорость ветра: 5 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: