Мэҥэлэр ытык дьоннорун чиэстииллэр
Атырдьах ыйын 21 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын үлэтин тэрийиигэ уонна каадырдарга салааны салайар Станислав Захаров уонна Хаптаҕай нэһилиэгин баһылыга Иван Зыков Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын, үлэ, тыыл бэтэрээнин Николай Николаевич Романовы 90 сааһын туолбут ытык-бэлиэ күнүнэн дьиэтигэр тиийэн эҕэрдэлээтилэр.
Бу туһунан Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Ытык кырдьаҕаска Кириэмилтэн уонна СӨ Ил Дархана Айсен Николаев, улуус баһылыга Дмитрий Тихонов ааттарыттан итиэннэ улуустааҕы социальнай харалта салалтатыттан эҕэрдэ суруктары, өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттардылар.
Николай Николаевич үйэлээх сааһын тухары үлэни өрө туппут, элбэх оҕо амарах аҕата, үгүс сиэн, хос сиэн эйэҕэс эһэтэ. Кини сааһын тухары «Ленин» аатынан сопхуос биир бастыҥ, тарбахха баттанар бэтэринээринэн үлэлээбитэ. Үтүө суобастаах үлэтин иһин «Социалистическай күрэхтэһии кыайыылааҕа» бэлиэнэн, грамоталарынан, махтал суруктарынан наҕараадаламмыта. Кини настаабынньык, аҕа сүбэһит быһыытынан элбэх ыччаты, исписэлииһи үөрэтэн, иитэн-такайан таһаарбыта.
1953 сыллаахха “Сэбиэскэй сойуус уонна Кытай доҕордоһуулара” мэтээлинэн наҕараадаламмыта, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бочуотун кинигэтигэр кини аата суруллан киирбитэ. Николай Николаевич үлэни өрө тутан, уһун дьоһуннаах олоҕу олорон кэллэ, кини олоҕун суола биһиэхэ барыбытыгар үтүө холобур буолар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: