Мэҥэлэр «Земскэй аграрий» бырагырааманы олоххо киллэрэргэ этии киллэрдилэр

Share

Парламеҥҥа норуот дьокутааттара Мэҥэ Хаҥалас улууһун оройуоннааҕы Мунньаҕын дьокутааттарын кытта көрүстүлэр.

Бу туһунан Ил Түмэн пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Мунньаҕы Ил Түмэн Сир сыһыаннаһыыларыгар, айылҕа ресурсаларыгар уонна экологияҕа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Находкин салайан ыытта.

Улуус мунньаҕын дьокутаата Надежда Федотова мунньахха бэлэмнэнэн кэлэн, Мэҥэ Хаҥалас улууһугар тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар баар сүрүн кыһалҕаларын туһунан кэпсээтэ уонна кээпэрэтииптэр үлэлэригэр болҕомтотун уурда. Чуолаан, үүт уонна эт сыаната үрдээн, кээпэрэтииптэринэн эмиэ сыана үрдээһинэ бэлиэтэнэрин эттэ. Ону сэргэ, кини аграрнай секторга эдэр исписэлиистэри тардыы уонна миэстэтигэр олохсуйа хаалларыы наадалааҕын чопчулаата. Итинэн сибээстээн, норуот дьокутааттарыгар «Земскэй быраас» уонна «Земскэй учуутал» курдук бырагыраамаларга сөп түбэһиннэрэн, «Земскай аграрий» бырагырааманы олоххо киллэрэргэ этии киллэрдэ. Оччотугар Саха сирин үрдүнэн тыа хаһаайыстыбатын идэтигэр ыччаты тардыы хайысхата биллэрдик тупсуохтааҕын ыйда.

Норуот дьокутаата Александр Корякин эдэр исписэлиистэри олорор дьиэнэн хааччыйыы нэһилиэнньэ үгүс туруорсар боппуруоһа буоларын ыйда.

«Тыа сиригэр үлэҕэ эдэр исписэлиистэри тардар олус уустук. Бүддьүөт эйгэтин исписэлиистэригэр Саха сирин үрдүнэн олорор дьиэнэн хааччыйыыга 3,2 тыһыынчаттан тахса дьиэ тутуллара сабаҕаланар. Билигин олорор дьиэнэн хааччыйыы  сорох кээмэйэ өрөспүүбүлүкэтээҕи «Үтүө дьыала» бырагыраама чэрчитинэн, ону тэҥэ тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэригэр «Тыа сирин кэлимник сайыннарыы» судаарыстыбаннай бырагыраама иһинэн көрүллэр. Инникитин тыа сиригэр эдэр исписэлиистэри тардыыга уонна олорор дьиэнэн хааччыйыыга туспа бырагыраама оҥорорго кыһаллыахпыт», — диэн Александр Корякин хоруйдаата.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Кэлэр сыллааҕы бүддьүөт уонна Арассыыйа ядернай бэлиитикэтэ

Дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин бу күннэргэ сылы түмүктүүр мунньахтарын ыыталыыр. Ахсынньы 10 күнүгэр Гражданскай…

19 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга:  ахсынньы 14 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий?  Ленскэй, Халыма-Индигиир улуустарыгар, күнүс Дьааҥыга…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Сыл учуутала-2024” күрэс кыайыылааҕын аата билиннэ

Нэдиэлэ устата барбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга лауреаттар,…

12 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирин биллиилээх дьоно “Покров и защита” уордьанынан наҕараадаланнылар

“Бары бииргэ Кыайыыга!” 1-кы Өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-патриотическай пуорумҥа “Покров и защита” уордьанынан Афганскай сэрии бэтэрээнэ Валерий…

13 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Ахсынньы 30 күнүгэр диэри сахалыы киинэлэри уонна кинигэлэри босхо көрүөххэ сөп

«Сахафильм» устуудьуйата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ «Киинэни ааҕабыт!» бырайыагы үлэлэттилэр . Ол курдук, Саха сирин…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бутлегертан 18 лиитэрэ арыгы былдьаатылар

Дьокуускайга полиция сулууспата сокуоннайа суох арыгы атыылааччылары буларга туһуламмыт рейдэлэри салгыы ыытар. Ол курдук, сокуоннайа…

13 часов ago