Ил Дархан Айсен Николаев “Үлэ киһитэ” бириэмийэтин туппут дьону кытта алтыһан баран, кырдьык да, суолталаах наҕараада бэйэтин хаһаайынын кэмигэр да булбут эбит дии саныыгын.
“Саха сирэ” хаһыат бүгүҥҥү дьоруойа Саргылаана Рожина туһунан икки-үс да балаһаҕа батаран кэпсээбэт үлэлээх, оннук үтүмэн ситиһиилээх киһи. Аҥаардас солотун да билиһиннэрэргэ “сылайаҕын”. Онтон кини бу дьаныардаах үлэтин быыһыгар төһөлөөх өй-санаа күүрүүтэ, толкуйа, долгуйуута, сырдык үөрүүгэ куустарыыта, хомойуута баара буолуой, быһата, киһи тылынан кыайан тиэрдибэт.
Чэ, онон сыыйа “Үлэ киһитэ” бириэмийэ быйылгы лауреата, аммалар уонна дьааҥылар киэн туттар кыыстарын, улахан дьиэ кэргэн ийэтин Саргылаана Рожинаны кытта билсиһиибитин аа-дьуо саҕалыахха дуу.
Доруобуйа харыстабылын туйгуна, Дьокуускайдааҕы “Үрүҥ аанньаллар” (“Белые ангелы”) тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ, “Амарах санаа” кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр пансионаттарын дириэктэрэ, СӨ судаарыстыбаннайа суох социальнай өҥөлөрү оҥорооччулар уонна социальнай урбаанньыттар ассоциацияларын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, “Мэҥкэр” бааһынай хаһаайыстыбаны төрүттээччи, «Арассыыйа 100 бастыҥ ыала» бырайыак кыттааччыта, “Үлэ киһитэ” бириэмийэ хаһаайката – бу барыта Саргылаана Рожина.
2010 сыллаахха Дьааҥы улууһун Элгэс нэһилиэгиттэн төрүттээх сиэстэрэ төрөөбүт дойдутуттан санаа ымыыта оҥостубут толкуйун олоххо киллэрэр санаалаах дьиэ кэргэнин кытта Дьокуускай куоракка көһөн кэлбитэ. Хаһан баҕарар “баардаах” киһи биирдэ кэлбит олоҕун устатыгар “төһө туһалаахтык олоробунуй?” дии саныыр кэмнээх буолар. Ол да иһин буолуо, өбүгэлэриттэн этиттэрэн кэлбит олоххо көхтөөх кыыс аҕатын «Эҥэ» сопхуоска дириэктэринэн үлэлээбит Афанасий Васильевич Рожин алгыһын ылынан, санаабыт санаатын олоххо киллэрэн иһэр кытаанах санааны ылыммыт.
– Аҕам бэйэтин кытта илдьэ сылдьан, миигин өрүү “оҕом сытыы-хотуу киһи” диэн хайгыы сылдьааччы. Биирдэ миэхэ туһаайан “киһи эдэригэр хамнаныахтаах, онон уһаппакка-кэҥэппэккэ, оҥороргун оҥорон ис. Туох эрэ хаһан эрэ туоларын, бэйэтэ кэлэрин кэтэһэн сылдьыма. Утуйар уугун да умнан үлэлээ. Киһи сааһырдаҕына, айылҕа хаамыытынан бытааран барар. Баҕардаххына да кыаллыа суоҕа” диэн миигин “бырагыраамалаан” кэбиспит. Ол иһин 2012 сыллаахха “Үрүҥ аанньаллар” диэн сытар ыарыһахтары, кырдьаҕастары көрүүгэ-истиигэ анаан сиэстэрэлэр өҥөлөрүн аспытым. 2016 сыллаахха “Амарах санаа” кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр пансионаттарын арыйбытым. Үөрэхпин бүтэрэрбэр дипломнай үлэм сытар ыарыһахтарга аналлаах хоспис аһан үлэлэтиигэ туһаайыллыбыта. Мин ити уруккуттан баҕарар баҕа санаам этэ. Кыаммат барахсаттарга тугунан эрэ көмөлөстөрбүн диэн. Соругум – анал идэлээх сиэстэрэлэр ыарыһахтары көрөр-истэр усулуобуйаларын тэрийии. Билигин 61 куойкалаах бу тэрилтэм үлэлээбитэ 7-с сыла. Баайга-дуолга уонна сиргэ сыһыаннаһыы министиэристибэтэ Дьокуускайга быраҕыллыбыт таас дьиэни биэрбитин өрөмүөннэтэн, гааһын, уотун, ититэр тиһигин киллэрэн, быйыл олоххо киллэрэргэ сорунабыт. Манна иккис пансионаппытын аһыахпыт.
2020 сыллаахха Саргылаана кэргэнин кытта сүбэлэһэн баран, “Мэҥкэр” бааһынай хаһаайыстыба тэриммиттэр. Хаһаайыстыбабытыгар үлэни өрө туппут, эргиэҥҥэ-урбааҥҥа да сыһыаннаах төрүттэрим, аҕа ууһум аатын биэрбиппит. Ол наһаа туһалыыр эбит. Өбүгэ тардыытын күүһэ чахчы биллэр. Алта оҕобуттан үһэ – түөртээх, алталаах, уоннаах кыра дьон доруобуйаларын тупсараары аҕабыт Тимофей Дмитриевич төрөөбүт Амматыгар көһөн кэлбиппит. 2020 сыллаахха “Агростартап”-ка кыттыбыппыт. 165 кыттааччыттан 18 киһи иһигэр киирсэн кыайан, 3 мөлүйүөн солкуобай граны ылбыппыт. Онон көтөр ферматын тэриннибит. Сымыыт атыылыырбыт таһынан, инкубационнай кус-хаас оҕотун таһааран батарабыт. Эбии сүөһүлэрбитигэр хотон туппуппут. Ахсынньы 29 күнүгэр – аҕам төрөөбүт күнүгэр бэлэх оҥорон хотоммутун үлэҕэ киллэрбиппит.
Бааһынай хаһаайыстыба биир кэскиллээх салаата – Амма мүөтүн оҥоруу. “Мэҥкэрдэр” ыҥырыаларын 2017 сылтан иитэллэр. “Иллэрээ сыл бэртээхэй мүөтү ылбыппыт. Былырыын курааннаан, нектар аҕыйах этэ. Быйыл, этэҥҥэ буоллаҕына, тигээйилэрим уйалара астаныыһылар. Онон пансионаппыт кырдьаҕастарын Амма битэмииннээх мүөтүнэн, минньигэс көтөр сымыытынан, этинэн күндүлүүбүт” диэн кэпсиир улахан дьиэ кэргэн ийэтэ.
Аны “Мэҥкэр” хаһаайыстыба биир кэскиллээх көрүҥү – Дьааҥы сылгытын үөрдээн иитиитин сайыннаран эрэр. “Дойдубуттан иккитэ төхтүрүйэн, үөр сылгыны аҕалан ииттэн эрэбит. Былырыын бастакы үөрү – 13 сылгыны аҕалбыппыт. Быйыл – 12 төбө. Эһиил эмиэ кыһыҥҥы суолунан 13 төбөнү аҕалар былааннаахпыт. Дьааҥы боруода сылгытын Арыылаах плембаазатыттан атыылаһабыт. Эһиил төрөөбүт дойдубуттан Элгэс хаһаайыстыбаларыттан атыылаһыам”, – диэн былаанын үллэстэр Саргылаана Рожина.
Аһымал хайысхалаах үлэлээх, амарах дууһалаах Саргылаана Рожина аны биир бэртээхэй киһи кэрэхсиир үлэтин ыыта сылдьарын истэн сөхтүм. Хотонун, тигээйитэ мүөттүүр сирин, көтөрдөрүн уйаларын – оскуола оҥостубут! Ол “үөрэҕин кыһатыгар” практиканнары уһуйар. “Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикума куйаар ситиминэн үлэтэ суох дьоҥҥо анаан араас куурустарга үөрэтэр. Наһаа туһалаах үөрэх. Бу кыһа исписэлииһэ Марфа Дмитриева “бэйэҥ хаһаайыстыбаҥ баазатыгар эбии үөрэхтээһиҥҥэ оҕолору быраактакаҕа сырытыннар” диэн этии киллэрбитэ. Мин сөбүлэһэн, 11 оҕо кэлэн быраактыкатын ааспыта. Билигин кинилэртэн үс оҕо бэйэлэрин баҕаларынан сайыҥҥы кэмҥэ үлэлии хааллылар. Хаһаайыстыбабын сыыйа кэҥэтэн иһэр былааннаахпын. Улахан оҕолорум билигин дьиэ кэргэн биисинэһин сайыннарыыга үлэлэһэллэр. Ол курдук, улахан уолбут реклама өттүн, иккис уолбут пансионат үлэтин дьаһайаллар, устудьуон кыыспыт менеджер быһыытынан бородууксуйа боппуруостарын быһаарар. Үс кыраларбыт тиэргэҥҥэ көтөрдөрү көрөн-истэн аһаталлар. Кинилэр улаатан, эмиэ хаһаайыстыбабыт араас салааларын салайыахтара».
Ити курдук, “Үлэ киһитэ” бириэмийэ хаһаайкатын кытта киһи кэпсэтэ олоруох курдук. “Ытырбыппын ыһыктыбат киһибин, туохха санаам сытта да, толорон тэйэбин”, диэн кэпсэтиибитин түмүктээтэ сэһэргэһээччим. Дьэ, кырдьык да оннук эбит!
… Кэпсэппит дьоммуттан өрүү ыйытар үгэс буолбут ыйытыыбын биэрдим: “Бириэмийэҕин хайдах туһанныҥ?”. Онуоха Саргылаана Афанасьевна тута хоруйдуу оҕуста: “Тигээйи атыыластым”. Бириэмийэтин тутаат, Хабаровскайга тиийэн 70 уйаны атыыласпыт. “Уһук Илин боруода тигээйитэ эбит. Бэрт ыалы атыыласпыппын. Өлгөм аһы биэрииһилэр”, – диэн сыана быһар “Мэҥкэр” хаһаайката. Киһи уонна тугу манна эбиэй?
Үлэҕэ көхтөөх Амма ыала 2020 сыллаахха “Ситиһиилээх ыал – ситиһиилээх Арассыыйа” бырайыакка кыттан кыайбыттар. Онон аны «Арассыыйа 100 бастыҥ ыалын» кэккэтигэр сылдьан, Бүтүн Арассыыйатааҕы Атыы-эргиэн промышленнай палата бэрэсидьиэнин тус болҕомтотугар киирбиттэр. “Бу тэрилтэ Дьиэ кэргэн сэбиэтэ ыытар араас таһымнаах үөрэхтэригэр, тэрээһиннэригэр сылга хаста ыҥырыллан сырыттыбыт. Кэрэхсэбиллээҕэ баар, манна урбаанньыт ыаллар оҕолорун эмиэ туспа “Биисинэс эрэлэ” диэн бырагыраамаҕа олоҕуран үөрэтэллэр эбит. Онно кыра сааһыттан оҕо дьиэ кэргэн биисиинэһин хаҥатыыга кини эмиэ оруоллааҕын арыйан, араас үөрэтиини ыыталлар”, – диэн санаатын үлэстэр хаһыаппыт дьоруойа.
Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сыл түмүгүнэн “Водоканал” АУо үпкэ-хаһаайыстыбаҕа үлэтин түмүгүн көрөр мунньахха, Дьокуускай…
Көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэр бит-билгэ арааһа баар. Үгүс дьон онно олуһун итэҕэйэр, оттон сорохтор наадыйбаттар, улахаҥҥа уурбаттар.…
АЛРОСА Саха сирин бырабыыталыстыбатын уонна Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын ассоциациятын кытары хардарыта бииргэ…
Ил Дархан Айсен Николаевы кытта көрсүһүүгэ судаарыстыбаннай тэрилтэлэр уонна уопсастыбаннай хааччыйыы үлэһиттэрин идэлээх сойуустарын биэс…
Бу күннэргэ улуустарга баһылыктар отчуоттара саҕаланнылар. Бэҕэһээ Горнай улууһун салалтата Солоҕон уонна Мытаах, бүгүн Бэс…
Бүгүн, тохсунньу 15 күнүгэр, Уус Маайа улууһа "Кыайыы знамята" өрөспүүбүлүкэтээҕи эстэпиэтэни Алдан улууһугар туттарда. "Кыайыы…