Салгыы
Меркурий «ретрограднай» буолан бүтэрэ чугаһаата

Меркурий «ретрограднай» буолан бүтэрэ чугаһаата

12.12.2024, 16:15
Хаартыска: СИА.
Бөлөххө киир:

«Ретрограднай» Меркурий «төттөрү» барыыта бүтэрэ 3 хонук хаалла. Сэтинньи 26 күнүттэн ахсынньы 15 күнүгэр диэри Меркурий планета «төттөрү» барбыта. Аны ахсынньы 15 күнүгэр Ый туолар.

Меркурий «ретрограднай» буолан бүттэҕинэ, дьыала-куолу табыллан, үлэ-хамнас тэтимирэн барар. Оттон Ый туолуутугар ыраастанар, арчыланар, саҥа былааннары оҥостор, сыаллары сурунар тоҕоостоох кэм. Бу сылга бүтэһик Ый туолуута саамай кылгас күн, саамай уһун түүн иннинэ аҕай буолар, онон ураты күүстээх дьайыылаах. Дьэ, онон бу сыл бүтүүтэ үлэни-хамнаһы үмүрүтэргэ табыгастаах кэм үүммүт.

Астрологияҕа «ретрограднай Меркурий» көстүүтэ диэн — ол аата бу планета төттөрү, кэннинэн барыыта ааттанар. Дьиҥинэн, халлаан эттигэ, бүтүн планета иннин диэки баран иһэн, тохтоон баран, төттөрү барбат буоллаҕа. Ол эрээри, бу кэмҥэ Сиртэн көрдөххө, чахчы төттөрү баран иһэр курдук көстөр, ол эбэтэр, харах баайыыта (оптическая иллюзия) буолар.

Меркурий бэйэтин орбитатынан Сирдээҕэр түргэнник, Күнү 88 хонук иһигэр эргийэр. Саамай түргэн, саамай кыра, Күнтэн саамай чугас  уонна итии планета буолар.  Меркурий сылга үстэ-түөртэ «төттөрү» барар, бу кэм үс нэдиэлэ кэриҥэ буолар. Ол эбэтэр, Сиргэ муҥутаан чугаһыыр,  аасыһар кэмигэр, бытаарар, төттөрү барар курдук көстөр (ол эбэтэр, Сир кинини ситэн ааһар).  2024 сылга Меркурий түөртэ «ретрограднай» буолбута.

Бу кэмҥэ араас быһылааннар, саахаллар, алдьаныылар буолаллар диэн астрологтар этэллэр. Ол эрээри туох эрэ сатамматын, табыллыбатын барытын Меркурийга «балыйаллара» баар суол.

+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: