«Ретрограднай» Меркурий «төттөрү» барыыта бүтэрэ 3 хонук хаалла. Сэтинньи 26 күнүттэн ахсынньы 15 күнүгэр диэри Меркурий планета «төттөрү» барбыта. Аны ахсынньы 15 күнүгэр Ый туолар.
Меркурий «ретрограднай» буолан бүттэҕинэ, дьыала-куолу табыллан, үлэ-хамнас тэтимирэн барар. Оттон Ый туолуутугар ыраастанар, арчыланар, саҥа былааннары оҥостор, сыаллары сурунар тоҕоостоох кэм. Бу сылга бүтэһик Ый туолуута саамай кылгас күн, саамай уһун түүн иннинэ аҕай буолар, онон ураты күүстээх дьайыылаах. Дьэ, онон бу сыл бүтүүтэ үлэни-хамнаһы үмүрүтэргэ табыгастаах кэм үүммүт.
Астрологияҕа «ретрограднай Меркурий» көстүүтэ диэн — ол аата бу планета төттөрү, кэннинэн барыыта ааттанар. Дьиҥинэн, халлаан эттигэ, бүтүн планета иннин диэки баран иһэн, тохтоон баран, төттөрү барбат буоллаҕа. Ол эрээри, бу кэмҥэ Сиртэн көрдөххө, чахчы төттөрү баран иһэр курдук көстөр, ол эбэтэр, харах баайыыта (оптическая иллюзия) буолар.
Меркурий бэйэтин орбитатынан Сирдээҕэр түргэнник, Күнү 88 хонук иһигэр эргийэр. Саамай түргэн, саамай кыра, Күнтэн саамай чугас уонна итии планета буолар. Меркурий сылга үстэ-түөртэ «төттөрү» барар, бу кэм үс нэдиэлэ кэриҥэ буолар. Ол эбэтэр, Сиргэ муҥутаан чугаһыыр, аасыһар кэмигэр, бытаарар, төттөрү барар курдук көстөр (ол эбэтэр, Сир кинини ситэн ааһар). 2024 сылга Меркурий түөртэ «ретрограднай» буолбута.
Бу кэмҥэ араас быһылааннар, саахаллар, алдьаныылар буолаллар диэн астрологтар этэллэр. Ол эрээри туох эрэ сатамматын, табыллыбатын барытын Меркурийга «балыйаллара» баар суол.
Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…
РФ Үөрэҕириитин уонна Үөрэҕи, билими кэтээн көрөр федеральнай сулууспа кэлэр сыллааҕы биир кэлим эксээмэн, сүрүн…
Арассыыйа тимир суоллара (АТС) Кытайы уонна КНДР-ы кытта пассажирдары тиэйиини сөргүтэллэр. Бу туһунан АТС пресс-сулууспата…
Бүгүн СӨ Бырабыыталыстыбатын 2 дьиэтигэр "Конституция -- Арассыыйа быраапка тирэҕэ: Саха сирин аныгы быыбардыыр тиһигин…
«Арассыыйа – мин устуоруйам» историческай пааркаҕа «Кино в службе Отечества» бэстибээл чэрчитинэн «Дьиэбэр барабын» киинэни…
Балбахов Виссарион Дмитриевич, үйэ чиэппэрэ кэм устата Хоту сиргэ таһаҕаһы таһыыга эҥкилэ суох үлэлээбит Арассыыйа Федерациятын…