Метан уматыгынан хааччыллар эбии саҥа киин аһылынна

Share

Саха сиригэр массыынаны айылҕа гааһыгар көһөрүү кыаҕа сайдан иһэр.

Ол курдук, Дьокуускайга Энергетик 51/4 түөлбэҕэ көлөнү метаҥҥа көһөрүү өссө биир анал киинэ аһылынна. Маннык кииннэр үстэр.

«Гаас уматык биһиги усулуобуйабытыгар ордук көдьүүстээҕэ биллэр. Онон маннык хайысхалаах үлэҕэ бэлэмнэнии барар. Массыыналарын гаастаах мотуор уматыкка көһөрөр дьону 90% субсидиянан өйөөн, улахан чэпчэтиини оҥоробут. Гааһынан сапыраапкаланар ыстаансыйалары тутар бырагырааманы олоххо  киллэрэн, Дьокуускайы эрэ буолбакка, улуустары кытта хабыахпыт. Бэйэбитигэр айылҕа гааһа дэлэй. Ону көдьүүстээхтик туһанар кэм кэллэ», — диэн Ил Дархан Айсен Николаев бэлиэтээн турар.

Массыына көлөнү билигин метанынан Дьокууйскайга AutoGAS PRO уонна СахаАвтоГазСервис, Мииринэйгэ Алмаздортранс анал сапыраапкалар ыстаансыйаларыгар сапыраапкалыыллар. Бырамыысыланнас уонна геология миниистирэ  Максим Терещенко бэлиэтээбитинэн, быйылгы сылга сэтинньигэ уонна ахсынньыга гаас  уматыкка барыстаахтык көһүөххэ сөп. Ол эбэтэр гаас уматыкка көһөр тэрил иһин 10% төлүүгүн, 90%-нын судаарыстыба уйунар.

Бу туһунан Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрэринэн, 2030 сылга диэри өрөспүүбүлүкэҕэ 40 гаас уматыгынан хааччыйар сапыраапка баар буолуо. Санатан эттэххэ, быйыл федеральнай бүддьүөттэн Саха сиригэр 34 мөлүйүөн солкуобай кэриҥэ саҥа гаас уматыгынан хааччыйар ыстаансыйаны тутууга үп көрүлүннэ. Маны таһынан, Ленскэйгэ 2022  сыл бүтүөр диэри саҥа элбэх уматыгынан хаччыйар сапыраапка тутуута түмүктэниэҕэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

7 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

9 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

10 часов ago