Ми-8 МТВ бөртөлүөккэ Дьоруой ийэ Феврония Малгина аатын иҥэрдилэр
Маҕан көтөр пуордун “Полярные авиалинии” авиа хампаанньа авиационнай-тиэхиньиичэскэй баазатыгар, Ми-8 МТВ бөртөлүөккэ Дьоруой ийэ Феврония Малгина аатын иҥэрэр дьоро тэрээһин буолан ааста.
Бу туһунан быһаарыы Саха сирин дьахталларын XV сийиэһигэр этиллибитэ. Тэрээһини Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылыгар уонна буолаары турар Ийэ күнүгэр сөп түбэһиннэрэн ыыттылар.
“Идэлээх сойуус кэмитиэтэ уонна “Полярные авиалинии” хампаанньа салалтата быһаарыыларынан, МИ-8 МТВ бөртөлүөт (медицинскай комплектация) Дьоруой ийэ Феврония Николаевна Малгина аатын сүгүөҕэ. Сахаларга кини тапталлаах, кытаанах, эрэл санаалаах ийэ холобурун көрдөрөр”, – диэн авиа хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Семен Винокуров эттэ.
“Полярнай авиалинияҕа” бу, аат иҥэриллибит алтыс көтөр аал буолар. Бу иннинэ бөртөлүөттэргэ уонна сөмөлүөттэргэ уһулуччулаах бэлитиичэскэй диэйэтэллэр Владимир Членов, авиация бэтэрээннэрэ Федор Марков, Семен Иванов, Афанасий Тихонов уонна Анатолий Крючков ааттарын иҥэрбиттэрэ.
Феврония Малгина сэттэ оҕолооҕо – биэс уол, икки кыыс. Сэрии толоонугар сүтэрбит биэс уолун — Алексей-1, Алексей-2, Петры, Спиридоны уонна Василийы кэтэһэр ыар сүгэһэрдэммитэ. Олоҕун бүтэһик күнүгэр диэри уолаттара сэрииттэн тыыннаах эргиллэллэрин эрэнэ күүппүтэ.
Финскэй сэриигэ баҕа өттүнэн барбыт Томскайдааҕы мэдиссиинэ институтугар үөрэнэ сылдьыбыт устудьуон уола Алексей-2 өлбүтүн туһунан 1940 сыллаахха иһитиннэрии туппута. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Феврония Николаевна түөрт уола уонна икки күтүөтэ ыҥырыллыбыттара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: