Мичил Бурцев чорооннорун кимнээх кэрэхсииллэрий? Тоҕо?
Быйыл Аммаҕа ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар аан бастаан “Үс дойду ытык иһитэ” диэн чороон түһүлгэтэ тэриллэн, икки күн устата үлэлээбитэ.
Чороону оҥорооччулар күрэстэригэр бастаан 100 тыһыынча солкуобайдаах сэртипикээтинэн бэлиэтэммит Уус Алдан киэн туттар мас ууһа, СӨ норуотун маастара Мичил Бурцев бээтинсэтээҕи “Саха сирэ” хаһыат «Сатабыл» рубрика ыалдьытынан буолла.
— Биир чороону үс-түөрт күнүнэн бүтэрэбин. Сүрүннээн ойуутун түһэрии бириэмэни эрэйэр. 50 см улахан чорооҥҥо биэс күммүн барыыбын. Кырааската өбүгэ саҕаттан туттуллар ньыма – оргуйбут хатырык уута. Эргэ хатырык хараҥа өҥнөөх буолар, оттон саҥа хомуллубут сибиэһэй хатырык кыһыллыҥы өҥнөөх. Хатырыгы уу эбэ-эбэ 4-5 чаас оргутаҕын, — диэн Мичил Николаевич сатабылыттан холобурдаата.
Кини чороонун матырыйаалын ханнык улуустан буларын, хайдах бүөбэйдээн оҥорон таһаарарын, хас саастаах дьон уонна тоҕо чороонноорун ордук «эккирэтэллэрин» сиһилии бээтинсэтээҕи хаһыакка ааҕыҥ. Бэрт үгүс билбэтэххитин билиэххит!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: