Миэбэл маҕаһыынын администратора 1 мөл.солк. тахса харчыны уорбут
06.09.2024, 14:15
С.Львова хаартыската
Бөлөххө киир:
Дьокуускайга миэбэл маҕаһыынын администратора харчыны иҥэриигэ буруйданар.
Хоромньу 1 мөлүйүөн солкуобайы куоһарда. СӨ Борокуратуурата буруйдуур түмүктэрин бигэргэтэн, холуобунай дьыаланы суукка ыытта. Киин куорат борокуратууратыгар чуолкайдаабыттарынан, администратор сокуоннайа суох барыс ылаары миэбэл салонугар атыылаабыт миэбэл харчытын бэйэтин каартатыгар ыыттарбыт. Буруйданааччы буруйун кистээри, маҕаһыын кассовай терминалын нөҥүө табаар сорох харчытын ыыталаабыт, оттон уоруллубут харчыны кассовай сурунаалларга сэртипикээтинэн атыылаһыллыбыт курдук оҥорбут. Дьыаланы суут көрүөҕэ.
+1
+1
+1
+1
+1
1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: