Миграннарга сырдатар үлэ олохтоохтук барар
Сэбиэскэй сойуус саҕана “миграция” диэн өйдөбүл суоҕун кэриэтэ этэ.
Билигин Арассыыйаҕа үлэлии кэлэр таджиктар, узбектар, кыргызтар уонна да атын тутулуга суох холбоһуктаах судаарыстыбалар (СНГ) дойдуларын төрүт олохтоохторо бары сэбиэскэй гражданнар этилэр. Ол да иһин буолуо, урукку бырааттыы норуоттар эрээри, аныгы көлүөнэ дьоно олох атын иитиилээхтэр, толкуйдаахтар, Арассыыйаҕа үлэлии кэлэргэ эрдэттэн чопчу бэлэмнэммэттэр, биһиги дойдубут култууратын, үгэспитин, быһыы-майгы нуорматын туһунан билбэттэр. Кинилэр үксүгэр Арассыыйа туһунан манна сылдьыбыт чугас аймахтарыттан эбэтэр доҕотторуттан билэллэр. Онон миграннарга сырдатар үлэ олохтоохтук ыытыллар буолла.
Туох үлэ ыытылларын туһунан А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин ресурснай киинин салайааччыта Екатерина Егорова маннык сырдатта:
Ү
Ү
А.Е. Кулаковскай- Өксөкүүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин үлэһиттэрэ култуурунай тэрээһиннэри ыытан, сырдатар үлэҕэ эмиэ өйөбүл буолаллар.
Маны таһынан, өрөспүүбүлүкэҕэ олорор национальнай общиналар, диаспоралар эмиэ көмөлөһөллөр.
Сиһилии миграннары кытта ыытыллар үлэ туһунан «Саха сирэ» хаһыат бээтинсэтээҕи нүөмэригэр «Сырдатыы үлэтин миграннар кэрэхсииллэр» диэн матырыйаалбар ааҕыҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: