Михаил Дегтярев: «Успуорт барыстаах буолуон сөп, ол эрэн сүрэҕэлдьээбэккэ үлэлиэххэ наада»
Хабаровскай кыраай экс-губернатора Михаил Дегтярев Арассыыйа успуордун миниистирин дуоһунаһыгар ыам ыйын 14 күнүгэр бигэргэммитэ.
Эрэгийиэн салайааччытынан үлэлиэҕиттэн аҕыйаҕа суоҕу ситистэ – Росстат чахчытынан, эрэгийиэн ис баалабай бородууктата 24% улаатта, сүрүн хапытаалга инвестициялар улааттылар, үлэтэ суох буолуу аҕыйаата. Дегтярев успуорка ситиһиилэрэ эмиэ бэлиэтэннилэр – “Амур” хоккей кулууба бонкуруоттан тахсан, үп өттүтэн туруктаах хамаанданан буолан, КХЛ плей-офф киирдэ. Онтон хабаровскайдар «СКА-Нефтяник» кулууптарын бэрэстэбиитэллэрэ мээчиктээх хоккейга Арассыыйа-2023 чөмпүйүөнүн аатын уонна Арассыыйа-2022 кубогын ыллылар.
Михаил Дегтярев Физкультурник күнүн иннинэ ТАСС биэрбит интервьютугар саҥа дуоһунаска үс ыйдаах үлэтин, успуорт сэбиэскэй систиэмэтэ тугунан күүстээҕин уо.д.а. кэпсээтэ.
— Бэйэҕин физкультурнигынан ааҕынаҕын дуо?
— Биллэн турар. Мэлдьи эти-хааны чэбдигирдиинэн дьарыктанабын, ону барыгытыгар сүбэлиибин. Булгуччу ханна эрэ стадиоҥҥа эбэтэр успуорт эбийиэктэригэр барыахха диэн буолбатах. Ону сарсыарда да оҥоруохха сөп – гимнастиканы, уунаҥныырга, пресскэ эрчиллиилэри оҥоруохха сөп. Бу барыта бэйэҕин үчүгэйдик сананаргар сөп буолар. Биһиги бэрэсидьиэммититтэн холобурда ылыҥ.
Биһиги дойдубут олус киэҥ уонна эрэгийиэннэргэ успуорт араас интэриэһинэй, маассабай көрүҥнэрэ бааллар, онтон аҕыһа билиниллибитэ. Ол мас тардыһыыта, уһуҥҥа ыстаныы, корэш, хапсаҕай уо.д.а. Мин санаабар, мас тардыһыыта саамай маассабай. Мин Дьокуускайга сырыттым, Успуорт национальнай көрүҥнэрин сайыннарар киини көрдүм. Олус үчүгэй. Биһиги бу хайысханан үлэлиэхпит, успуорт бу көрүҥнэрэ сайдалларын өйүөхпүт. Баҕар, туох эрэ саҥа арыллыа, саҥа тыын кэлиэ. Онон успуорт национальнай көрүҥнэрэ – биһиги материальнайа суох баайбыт. Сайыннарыахпыт, кыаллар ньымаларынан өйүөхпүт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: